Сайыҥҥы ойуур баһаардарыгар бэлэмнэнии саҕаланна

50

Ойуур баһаардарын утары биир саамай туһалаах тэрил - эрбии, үлэҕэ төһө бэлэмин баһаарынай уолаттар тургуталлар. "Якутлесресурс" тэрилтэҕэ номнуо хаһыс да сылын үлэлии сылдьар Вячеслав Хон кэллиэгэтин кытары баһаар кэмигэр үлэлиир малларын бэрийэллэр. Толору кэмпилиэк барыта миэстэтигэр.

Вячеслав Хон, "Якутлесресурс" Дьокуускайдааҕы салаатын баһаарынайа: «Сайыҥҥы баһаар кэмигэр бэлэмнэнии саҕаланна. Биир бөлөх – 6 киһи. Кинилэр маннык тэриллэри илдьэ сылдьаллар».

Билигин сайыҥҥы ойуур баһаардарыгар бэлэмнэнии бастакы түһүмэҕэ, чуолаан туттуллар малга-салга, тиэхиникэҕэ инвентиризациялааһынтан саҕалаан, туох алдьаммытын өрөмүөннээһин үлэлэлэрэ ыытылаллар. Билигин холобура тимир көлөлөрү оҥоро сылдьаллар.

Сарыал Кириллин, "Якутлесресурс" Дьокуускайдааҕы салаатын механига: «Бу былаанынан өрөмүөн ыыта сылдьабыт. Гыраапыгынан массыыналарбытын оҥостобут. Баһаарга үлэлиир тиэхиникэм 18 устуука баар».

Биллэн туран, тиэхиникэтэ суох айылҕа содулун туораппаккын, онон бу хайысхаҕа үлэ номнуо тохсунньуттан саҕаланна. Уолаттар бары биир күргүөмүнэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Күн бүгүн "Якутлесресурс" уопсайа 560 үлэһиттээх, ол да буоллар эбии дьон наадалар. Холобура, баһаарынай байыаска бэйэтин холоно, үлэҕэ киирэ Ростислав Алексеев кэлэ сылдьар. Кэпсэтиитин этэҥҥэ ааһан, үлэҕэ киирэн эрэр.

Ростислав Алексеев, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Убайым суолун батыһан үлэлии киирэн эрэбин. Айылҕабытын көмүскүөххэ диэммин».

Быйыл сайын күн-дьыл туругун кэтээн көрөөччүлэр бэлиэтииллэринэн, быйыл эмиэ куйаас буолара сабаҕаланар. Онон бэлэмнэнии ох курдук барар.

Чаҕыл Чикачёв, "Якутлесресурс" Дьокуускайдааҕы салаатын ойуур хаһаайыстыбатын салаатын салайааччыта: «Сезоҥҥа дьоннору договорунан дьоннору ылыахтаахпыт. Ол дьоммутун үөрэттэрэбит. Улахан баһаардары умулларааһыҥҥа 25 киһи бэлэмнэнэ сылдьар. Олунньу ыйтан саҕалыахтаахпыт».

Онон аны кэлэр ыйтан саҥа үлэҕэ киирээччилэргэ үөрэхтэр ыытыллан саҕаланыахтара. Онон бэлэмнэнии хайа да өттүнэн барыаҕа.

Василий Прудецкий, "Якутлесресурс" Дьокуускайдааҕы салаатын салайааччыта: «Баһаар үлэтин эрэ ыыппакка, профилактика үлэтин эмиэ ыытабыт: нэһилиэнньэни кытта үлэлиибит, минбалаһа оҥоробут, от-мас ыраастыыбыт».

Бу курдук сайыҥҥы ойуур баһаардарыгар бэлэмнэнии бастакы түһүмэҕэ саҕаланна.