Тохсунньуттан булт сокуонугар кэккэ уларыйыылар киирдилэр
Булт көҥүлүн биэрэр кэмитиэккэ уруккута кыһыҥҥы ыйдарга саамай чуумпу кэм. Оттон кус булда саҕаланыан иннинэ манна халыҥ уочарат. Санаан көрүҥ, Дьокуускай куорат, аҥаардас сылга 10 тыһыынчаттан тахса көҥүлү ый иһигэр биэрэр. Оннук быйылгыттан маннык суох буолар. Сокуоҥҥа уларыйыы киирэн көҥүлү аны сылы эргиччи ылыахха сөп буолла.
Эльза Данилова, Дьокуускайдааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтин судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ: «Саха сиригэр булт сокуонугар 2025 сылга уларыйыы киирбитинэн сибээстээн көҥүл сыл тухары бэриллэр. Уочарат үөскээбэтин курдук эрдэттэн ылан туруоххутун сөп. Сайабылыанньаны Интернет-ситиминэн e-yakutia.ru портал нөҥүө биэриэххэ сөп».
Бу уларыйыы куска, мас көтөрүгэр уонна түүлээх кыылга, уопсайынан хааччахтаммат булт көрүҥнэригэр киирдэ. Аны бу сылга өссө биир саҥа сүүрээн - ураты ытык харыстанар сирдэргэ. Саха сиригэр күн бүгүн 232 харыстанар сир баар. Урукку сокуоҥҥа итэҕэс-быһаҕас ордук родовой общиналары хаарыйара. Оттон билигин саҥа уларыйыынан сокуонунан көмүскэллээх буоллулар. Манна сүрүннээн бултааһын бэрээдэгэ чопчуланна.
Светлан Фёдоров, Ураты харыстанар сирдэр департаменнарын сүрүн исписэлииһэ: «Билигин любительскай уонна спортивнай булт көҥүллэнэр. Ол аата хас сыл аайы көҥүл ылан бултааһын. Традиционнай булт көҥүллэнэр, ол аата родовой общиналар бэйэлэрин оҥостубут сирдэригэр бултааһыннара көҥүллэнэр. Уонна регулирование диэн көҥүллэнэр. Ол аата киһи олоҕор кутталы оҥорор адьырҕа кыыллары бултааһын. Научнай бултааһын көҥүллэнэр».
Маны сэргэ айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ уонна норуот депутаттара холбоһуктаах үлэлэрин түмүгэр аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар бултааһыннарын көмүскүүр сокуоҥҥа уларытыыны киллэрии барыла бастакы ааҕыыны ааста.
Анатолий Попов, Булт департаменын сүрүн исписэлииһэ: «Бырайыак түмүгүнэн бултуур сирдэр быһаарылыннылар».
Ол эбэтэр лимиити таһынан бултанар бобуллар. Маныаха сокуон барылыгар ыйылларынан улуус аайы баар аҕыйах ахсааннаах норуоттар сэбиэттэрэ квотаны тыырар бырааптаныахтара.