Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуутун бастакы түһүмэҕэ былаанынан барар турар

53

47 миэтирэ кэтиттээх, 17 миэтирэ уһуннаах, 2000 туонна ыйааһыннаах тимир буочукаҕа майгылыыр коффердам диэн ааттаах тутуу матырыйаалларын, өссө эбии баартыйата Табаҕа сирин буллуллар. Арассыыйаҕа хайа да баараҕай  муостаҕа туттуллубатах тэрил - биһиги Өлүөнэ эбэни туоруур муостабытыгар туттуллуоҕа.

Михаил Акимов, тутар тэрилтэ производственнай-техническай салаатын салайааччыта: «Арассыыйа үрдүнэн маннык технология аан бастаан туттуллар. Бу тохсус опора коффердамын элеменнэрэ. 17 миэтэрэ үрдүк буолар. Билигин 124 туонна кэлэн турар 2000 туоннаттан».

Коффердамнар опуораҕа турдулар да, кинилэр үрдүлэригэр улахан кыамталаах, ол эбэтэр 120 туонна ыйааһыннаах буровой тиэхиникэ туруоҕа. Дьэ, ол кэнниттэн сыбаайалары туруорар сыаллаах өрүс аннын үүттээн саҕалыахтара. Оттон бу технология, чуолаан биһиги айылыҕабытыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллубут.

Константин Бовтик, тутуу учаастагын салайааччыта: «Непредсказуемость Лены и ледохода запроектирована впервые в России в работе с коффердамами непосредственно в русле реки. Для возведения опоры разработана такая технология. Мы собираем коффердамы воедино и отправляем в реку.».

Билигин тымныыны тымныы, тыалы ахсарбакка үлэ былаан быһыытынан, болдьохтон хаалыыта суох баран иһэр. Тутуу учаастактарыгар уопсайа 70 киһи үлэлии-хамсыы сылдьар. Өлүөнэ муостатын 2 улахан опоратыгар 53 сыбаайа турар сирдэрэ бэлэмнэнниллэр.

Маныаха 4 опораҕа анаан тимиртэн каркаастары сыбааркалыылар. Илии үлэтэ барыта манна миэстэтигэр ааһар. Оттон манна даҕатан эттэххэ, Өлүөнэ муостатын бырайыага Арассыыйаҕа эрэ сэдэх буолбакка, бүтүн Аан дойдуга суох бырайыак буолар. Маннык баараҕай тутууну Арктика усулуобуйатыгар, ирбэт тоҥҥо аан бастакытын оҥороллор. Үлэ этэҥҥэ түмүктэннэҕинэ Эбэбит устун сылы мэлдьи, тохтоло суох тыраанспар быыстала суох айанныаҕа.