"Инникигэ хардыы" конференция бастыҥ үөрэнээччилэри түмтэ

69

Сылын аайы тохсунньу саҕаланыыта Дьокуускай куоракка академик Владимир Ларионов аатынан "Инникигэ хардыы" билим конференцията ыытыллар. Үс күн устата оскуола оҕолоро наука эйгэтигэр билиилэрин, саҥа бырайыактарын,  бу сыллар устата араас хайысхаҕа айбыт, чинчийбит үлэлэрин  дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрдилэр.

Быйыл "Инникигэ хардыыга"  икки тыһыынча кэриҥэ оҕо кыттыыны ылла. Сылын аайы кыттааччы элбээн иһэр, ону тэҥэ саҥа хайысхалар эмиэ эбиллэллэр.

Ньургуна Соколова, СӨ үөрэх миниистирэ: “Быйыл саҥа хайысхалар бааллар. Ол курдук биотехнология уонна пилота суох көтөр ааллар диэн салаалар баар буоллулар. Көрөрбүт курдук, оҕолорбут интэриэстэрэ үрдээн иһэр”.

Уус Алдан улууһун үөрэнээччилэрэ Эрчимэн Попов уонна Михаил Котоконов төгүрүк сыл устата дьэдьэни уонна клубниканы үүннэрэр дьоҕус тэрили айан таһаарбыттар. Бу бырайыакка икки сыл үлэлээбиттэр, аны дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөргө санаммыттар.

Эрчимэн Попов уонна Михаил Котоконов, "Инникигэ хардыы" билим конференция кыттыылаахтара: “Бу тэрилгэ төгүрүк сыл устата дьэдьэн үүннэриэххэ сөп. Үүнүү хас биир хаамыытын компьютер нөҥүө кэтиигин”.  

Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан сылдьар Айыллаан Пивоваров биир дойдулааҕын Руслан Габышев кырыымпалыырын истэн, олус диэн сэргээбит, ол кэннэ саха төрүт үнүстүрүмүөннэрин үөрэтэргэ санаммыт. Бу кэм иһигэр кырыымпаны чинчийбит, саҥа арыйыылары оҥорбут уонна  бэйэтэ кырыымпаҕа оонньуурга үөрэммит.

Айыллаан Пивоваров, В.П. Ларионов аатынан Майатааҕы оскуола 7 кылаас үөрэнээччитэ: “Бу Руслан Габышев кырыымпата. Икки тыллаах уонна чаачардаах. Сүрүннээн 3-4 кыллаах гына оҥороллор. Мин “Кыл Саха” үбүлүөйдээх кэнсэригэр үс кыллааҕы истибитим, олус кэрэ этэ”.  

Билим конференция түмүктүүр чааһа. Кыайыылаахтары быһааран чиэстээтилэр. Амма улууһуттан сылдьар Тимур Плеханов билим конференциятыгар иккис сылын кыттар, быйыл лауреат үрдүк аатын ылан үөрүүтүн үллэстэр.

Тимур Плеханов, Л.В. Киренскай аатынан Амматааҕы лицей 9 кылаас үөрэнээччитэ: “Лауреат буолуом дии санаабатаҕым. Былырыын эмиэ бу үлэнэн кыттыбытым иккис миэстэ буолбутум. Быйыл үлэбин сайыннаран, эбэн, эбии чинчийэн лауреат буоллум”.

Бу кэннэ кыайыылахтар Россияҕа, Аан дойдуга ыытыллар күрэхтэргэ кытта барыахтара.