Дьокуускайга 29-с "Инникигэ хардыы" научнай конференция саҕаланна
Бу күннэргэ оскуола оҕолоро наука эйгэтигэр билиилэрин, саҥа бырайыактарын, бу сыллар устатата араас хайысхаҕа айбыт, чинчийбит үлэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэллэр.
Уус Алдан улууһун үөрэнээччилэрэ Эрчимэн Попов уонна Михаил Котоконов төгүрүк сыл устата дьэдьэни уонна клубниканы үүннэрэн дьоҕус тэрили айан таһаарбыттар.
Эрчимэн Попов уонна Михаил Котоконов, "Инникигэ хардыы" билим кэнпириэнсийэ кыттыылаахтара: «Бу үлэбит “Гроубокс” диэн. Манан дьиэҕэр сылы быһа дьэдьэн үүннэриэххин сөп. Манна көмпүүтэр турар. Үүнээйигэ туспа настройкалыыгын. 800 гр. үүннэрбиппит».
Быйыл "Инникигэ хардыы" билим конференциятыгар 2000 тыһыынча кэриҥэ оҕо кыттыыны ылар. Сылын аайы кыттааччы элбээн иһэр, ону тэҥэ саҥа хайысхалар эмиэ эбиллэллэр.
Ньургуна Соколова, СӨ үөрэх уонна наука миниистэрэ: «Быйылгы сонуммут диэн 44 секция үлэтин быыһыгар саҥа хайысхалар бааллар: биотехнология уонна беспилотнай авиационнай система. Оҕолорбут интириэстэрэ сылтан сыл элбээн иһэр. Былырыын 1400 үлэ буоллаҕына. Быйыл 200 үлэнэн элбээбит курдук».
Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан сылдьар Айыллаан Пивоваров биир дойдулааҕын Руслан Габышев оҥорон, айан таһаарбыт кырыымпатын чинчийэн үөрэппит уонна саҥа арыйыылары оҥорбут.
Айыллаан Пивоваров, В.П. Ларионов аатынан Майатааҕы оскуола 7 кылаас үөрэнээччитэ: «Бу икки кыллаах. Урут 3-4 кыллаах оҥорор этилэр. “Кыл Саха” уон сылыгар 3 кыллааҕы истибитим, олус кэрэ этэ. Руслан Прокопьевич Габышев киэнэ этэ».
Инникигэ хардыы билим конференцията быйыл 29-с төгүлүн ыытыллар. Бу кэм устата оҕолор саҥа бырайыактара, кыайыылара сыллата элбээн, таһымнара үрдээн иһэр.
Нинель Малышева, дьүллүүр сүбэ, тыл билимин кандидата: «2030 сылга диэри дойду научнай технологическэй сайдыытын стратегията ылыллыбыта. Манна тоҕоостоох хайысхалар бигэргэтилибиттэрэ. Дьон олоҕун тупсарар саҥа технологиялары ирдииллэр».
Билим конференция кыайыылаахтарын бу субботаҕа быһаарыахтара, кыайыылахтар ол кэннэ Арассыыйаҕа, Аан дойдутага ыытыллар күрэхтэргэ кытта барыахтара.