Хаҥалас улууһугар "Бөртө" сылгы собуотугар анаммыт түмэл саҥа дьиэлэннэ
Түмэлгэ биир бастыҥ миэстэни дьиҥнээх ат курдук оҥоһуу ылар. Нам улууһун маастардара Бөртө сыспай сиэлээҕин тириитин ылан, хаартыскатын үүт-маас үтүгүннэрэн оҥорбуттар. Хараҕар, кыламаныгар тиийэ дьиҥнээх курдук. Онон түмэлгэ кэлбит киһи бары бу оҥоһугу сөҕө-махтайа көрөллөр. Парасковья Максимова биһиги устар бөлөххө экскурсия оҥордо.
Балаҕан курдук быһыылаах түмэл иһигэр 2-с Малдьаҕар нэһилиэгэр сылгы иитии историятыттан саҕалаан сыспай сиэллээххэ анаммыт араас экспонаттар бааллар. 19-с үйэтээҕи олохтоох маастардар оҥорбут тойон чороонноро, маны тэҥэ нэһилиэк уран тарбахтаахтара сылгы сиэлинэн оҥорбут араас оҥоһуктара. Оттон түмэли тэрийии историята биир кинигэттэн саҕаламмыт.
Парасковья Максимова, түмэл салайааччыта: «Оттон кинигэбитин баппатагын иһин сыл аайы администрация үбүлээһининэн сурунаал таһаардыбыт».
Оттон түмэл бу саҥа дьиэтигэр экспонат барыта кыайан баппатах. Онон эргэ дьиэҕэ баар нэһилиэк түмэлигэр биир хоһу эмиэ сылгыһыттарга анаабыттар. 3 саалаҕа нэһилиэк бэйэ күүһүнэн муспут экспонаттара кэчигирэспиттэр. Эллэй эһэбит саҕаттан, Сэбиэскэй сойуус кэмнэригэр тиийэ бириэмэ хабыллыбыт. Манна эмиэ Парасковья Ионовна экскурсия оҥордо.
Парасковья Максимова, түмэл салайааччыта: «Бу Хаҥалас улууһун родословнайа. Эллэйтэн саҕалаан хос-хос сиэннэрэ кэлэллэр. Бастакы Малдьаҕар Булгунньахтаах буолар».
Онон тустаах түмэллэргэ кэлбит ыалдьыт 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин уонна чуолаан Бөртө хаһаайыстыба туһунан билэр кыахтаах. Итиэннэ оттон сылгы иитиитэ - төрүт дьарыкпыт күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлбит историябытын билсиэххэ сөп.