Саха сиригэр быйыл 15 саҥа оскуола тутуллунна
Оҕо билиҥҥи кэмҥэ киэн билиилээх, бары өттүнэн сайдыылаах буоларын ситиһэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийиини, киэн билиилээх ыччат дьону иитэн таһаарарга Өрөспүүбүлүкэ салалтата инники күөннэ тутар.
Сылын аайы Өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа оскуолалар, оҕо уһуйаанын эбийиэктэрэ тутуллан үлэҕэ киирэ тураллар. Быйыл барыта 15 үөрэх кыһата тутуллан үлэҕэ киллэрэргэ былаан турбута, силигэ ситэн, кэлэр кэнчээри ыччаппыт билиини ылар, сайдар саҥа дьиэлэннилэр. Манан үлэ тохтообот.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Кэлэр да сылларга үөрэҕирии систиэмэтэ сайдарыгар болҕомтобутун күүһүрдүөхпүт».
Бу күннэргэ "Үөрэх" национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга 1 нүөмэрдээх Марха орто оскуолатын эбии дьиэтэ үөрүүлээх арыллыыта буолла. Саҥа эбийиэк 326 миэстэлээх, 6 тыһ. кэриҥэ миэтэрэ иэннээх. Үөрэнэр кабинеттар таһынан, библиотека, лаборатория, үнкүү, спорт саалата баар.
Күн бүгүн оскуолаҕа 977 оҕо үөрэнэр. Саҥа эбийиэк оҕо үөрэнэригэр, сайдарыгар бары уссулуобуйа тэриллибит.
Ньургуна Соколова, СӨ үөрэх уонна наука миниистирэ: «Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 54 социальнай эбийиэк үөрэҕирии өттүтүнэн тутулла турар. Маннык эбийиэктэри киллэрэммит оҕолорбут биир сменаҕа үөрэнэр буолаллар».
Оттон Жатай бөһүөлэгэр 1 нүөмэрдээх орто оскуола эбии тутуутун арыйдылар. Саҥа эбийиэк 360 миэстэлээх, Саха сиригэр бастакы "солнечнай коллектордар" көмөлөрүнэн үлэлиир оскуола буолар.
Оттон сыл бүтүүтэ Дьокуускай куоракка өссө хас да оскуола үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыга: «Бэрэсидьиэммит туруорбут маастар-былаанынан үлэлии сылдьабыт. Ол курдук Дьокуускай куораппыт 2030 сылга дылы 12 оскуола, 18 оҕо уһуйаана тутуллуохтаах».
Аҕыйах нэһилиэнньэлээх дьоҕус бөһүөлэктэргэ эмиэ улахан болҕомто ууруллар. Күһүн Кэбээйи улууһун Сайылык нэһилиэгэр 275 миэстэлээх, Горнай улууһун Атамай нэһилиэгэр 150 миэстэлээх саҥа оскуола дьэндэйбитэ. Саҥа үөрэх кыһата үлэҕэ киириитэ, оҕолорго дьоһун бэлэх буолбата.
Оттон эһиил өссө 13 саҥа оскуола киирэрэ былааннанар. Онон кэлэр кэнчээри ыччат саҥа хардыылара, бииртэн биир үрдэллэрэ сайдыы суолун тутуоҕа.