Дыгын оонньууларыгар бастакы сүүмэрдиир түһүмэх ыытыллар
Дыгын оонньууларыгар бастакы сүүмэрдиир түһүмэх 50 тахса боотуру түмэ тарта. 2020 сыллаах Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа Леонид Филиппов 3 сыллаах тохтобул кэннэ бэйэ кыаҕын холонор. Кини күрэхтэһии тыынын ахтан кэлбит. Итиэннэ көрө-истэ, билэ сылдьабын диэн этэр.
Леонид Филиппов, Дыгын оонньууларыгар сүүмэрдиир күрэхтэһии кыттыылааҕа: «Дыгыҥҥа киирсэр санаам суох. Бэйэбин бэрэбиэркэлэнэ сылдьабын. Күрэхтэспэтэх буоламмын ахтыбыт эбиппин. Бырааһынньыкка курдук сананан кэллим».
Бастакы күрэхтэһиигэ араас улуустан кыттааччылар бааллар. Хоту оройуоннартан тиийэ. Маны тэҥэ Чурапчы физкультурнай институтутун аатыттан 4 боотур кытта сылдьар. Кинилэри многоборьеҕа номнуо уопуттаах тренер дьарыктаан, бэлэмнээн аҕалбыт.
Денис Заболоцкий, тренер: «Күһүҥҥэттэн дьарыктанан саҕалаабыппыт. Аҕалбыт уолаттарбыттан 4 уолум хаһан да кыттыбатах студеннар. Уопуттаах уолаттарым: Тимофей Большаков уонна Борис Строев».
Күрэхтэһии бастакы күнүгэр буоларын курдук үс көрүҥ буолла. Тыҥааһыннаах киирсиилэр мас тардыһыытыгар буоллулар. Кыттаччы ахсаана элбэх буолан икки помост туруорулунна. Онон тэҥинэн икки пара кииристэ. Манна даҕатан эттэххэ кыттааччы ахсаана элбэҕэ бу многоборье көрүҥэ биллэ сайдыбытын көрдөрөр. Тэрийээччилэр эмиэ ону бэлиэтииллэр.
Иван Белолюбский, Саха төрүт көрүҥнэригэр федерация салайааччыта: «Маннык элбэх кыттааччы кэлбититтэн сүрдээҕин үөрэбит. Дьарктаныан баҕалаах эдэр ыччат элбэх».
Оттон быйылгыттан Дыгын оонньууларыгар кыттарга боотурдар 3 түһүмэҕи ааһыахтаахтар. Бу бастакы күрэхтэһии ахсынньы ыйга ыытыллар, оттон олунньуга Чемпион кубога уонна кулун тутарга өрөспүүбүлүкэ чемпионата. Маныаха быйыл кыттааччы ахсаанын элбэттилэр, ол эбэтэр эрдэ 12 эбит буоллаҕына быйыл 16 боотур кыттыаҕа. Итиэннэ бириис сууммата элбээтэ. Онон аны сайын Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр тыҥааһыннаах киирсиилэр буолуохтара.