Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа лор-салаатыгар аныгы тэрил кэллэ
Бу дьоҕус кабинекка саҥа лор-комбайн диэн ааттанар быраас үлэлиир миэстэтин таҥнылар. Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир элбэх өҥөнү оҥорор инсталляция лор уорганнар ыарыыларын эмтииргэ олус табыгастаах диэн быраастар бэлиэтииллэр. Манна бырааска наадалаах систиэмэ, тэрил барыта киирэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа икки маннык лор-комбайнынан хааччылынна.
Иннокентий Тастыгин, лор быраас: «Комбайн көмөтүнэн эмтэнээччилэрбитин толору көрөбүт. Эндоскопынан кулгааҕы, муннуну эрэ буолбакка күөмэйи эмиэ көрүөхпүтүн сөп. Диагноз туруорарбытыгар сүдү көмө буолар».
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 нүөмэрдээх балыыһа оторинолариногологическай салаата Саха сиригэр соҕотох улахан дьон лор уорганнарын ыарыыларын эмтиир салаа буолар. Салаа 8 палатанан 30 куойка-миэстэлээх. Хаҥалас улууһун Покровскай куоратын олохтооҕо Афанасий Попов кулгааҕа отит буолан аан бастакытын эппэрээссийэ ааспыт.
Афанасий Попов, лор салааҕа эмтэнээччи: «Чэппиэргэ киирбитим. Бээтинсэҕэ эппэрээссийэлээбиттэрэ. Оҕо эрдэхпиттэн хроническай отиттаах этим».
Лор-салааҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 10 быраас, 10 сиэстэрэ, 9 санитарка үлэлиир. Саамай тэнийбит ыарыыларынан отит, синусит, искэҥ ыарыылара буолаллар.
Иннокентий Александров, СӨ 2№-дээх балыыһатын лор салаатын сэбиэдиссэйэ: «Сылга 1500 киһи киирэр. 70% былаан быһыытынан эмтэнэллэр. Суһал эмтэнии 30% буолар. Күҥҥэ 8-9 эппэрээссийэ буолар».
Лор салааҕа исписэлиистэринэн хааччыллыы тэрээһиннээхтик ыытыллар. Ол курдук сыл ахсын 200 быраас тустаах үөрэҕи, идэ таһымын үрдэтиини ааһар. Саҥа оборудование кэлэн бары сүргэлэрэ көтөҕүллэ сылдьар.
Розалия Эверстова, лор салаа старшай медсиэстэрэтэ: «Оборудование кэлбитэ үөрүүлээх. Быраастар үлэлииллэригэр үчүгэй. Сиэстирэлэрбит бары категориялаахтар».
Ураты тэрили бу нэдиэлэттэн туттан саҕалаатылар. Лор-комбайн көмөтүнэн быраас араас уустук процедураны ассистена суох оҥорор кыахтаах, ону тэҥэ пациент ыарыытын туһунан архив кытта хатанар. Онон бу курдук, саҥа тэрилинэн хааччыллыы барар буолан салаа үлэтэ, оҥоһуллар өҥө хаачыстыбата сыллата тупсан, сайдан иһэр.