Ил Дархан Харыйатыгар бастыҥ үөрэнээччилэри чиэстээтилэр
Сылын аайы Ил Дархан саҥа дьыллааҕы харыйата 700 үөрэнээччини бииргэ түмэр. Дьоро киэһээ ыалдьыттара - олимпиада кыайыылаахтара, үөрэх туйгуннара, спорт, култуура уонна да атын эйгэҕэ ситиһиилэрдээх оҕолор муһуннулар. Үгэс быһыытынан үөрэнээччилэри Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлиир.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Сахабыт сирин кэскилэ, сарсыҥҥыта. Убаастабыллаах доҕоттор бука барыгытын кэлэн иһэр Саҥа сылынан, Ороһуоспанан итиитик истиҥник эҕэрдэлиирбин көҥүллээн».
Саха циркэ дьиэтигэр тэрийээччилэр оҕолорго, ыҥырыылаах ыалдьыттарга анаан "12 ый" остуоруйатыттан быһа тардан саҥа дьыллааҕы туруорууну көрдөрдүлэр.
Ил Дархан Айсен Николаев уон уһулуччу ситиһиилээх оҕону сыанаҕа таһааран чиэстээн анал наҕараадалары туттарда. Маны таһынан кэлбит бары оҕолор стипендия ыллылар.
Миранда Морозова, Сунтаар улууһун В. Г. Ефимов аатынан лиссиэй-интэринээт 11-с кылааһын үөрэнээччитэ: «Олус долгуйдум. Кыыспыт тыл этэригэр ытыы сыстым. Доҕотторбунан киэн тутуннум. Онно-манна кытта сылдьыахха наада. “Мин-мин” дии сылдьыахха наада уонна үчүгэйдик үөрэниэххэ наада дии саныыбын».
Ил Дархан саҥа дьыллааҕы тэрээһинигэр сылдьар чиэскэ тиксибит Чурапчы улууһуттан сылдьар Вадим Колесов улууһугар эрэ буолбакка, Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөх кыттыыны ылар.
Вадим Колесов, Чурапчы улууһун Хайахсыт орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ: «Үөрэххэр эрэ буолбакка, уопсастыбыннай олоххо тардыһар, барытыгар кыттан иһэр буолуохха наада».
Ил Дархан саҥа дьыллааҕы харыйатыгар кытта кэлбит оҕолор бары олуһун диэн дьоллоннулар уонна долгуйдулар.
Максим Попов, Таатта улууһун 11-с кылаас үөрэнээччитэ: «Көрдөрүүлэрэ наһаа астык».
Олеся Сынгизова, Сунтаар улууһун 11-с кылаас үөрэнээччитэ: «Ил Дархан оҕо сайдарыгар улахан оруолу онньуур».
Кэлэр сылга оҕолор дьоҕурдарын өссө сайыннаран, саҥа ситиһиилэргэ кынаттаннылар.