Саха сиригэр бу сылга олорор дьиэни тутуу муҥутуур таһымы куоһарда
Киэҥ-куоҥ, сылаас дьиэ-уот. Өлөөн улууһуттан сылдьар Антонина Алексеева эрин кытта быйыл саҥа дьиэҕэ көстүлэр. Аҕам саастаахтар бу аҕыйах сыл бэттэх хотуттан киин куоракка көһөн кэлбиттэр. Өлөөннөөҕү дьиэлэрэ хаарбах туруктааҕынан биллэриллэн, бу Дьокуускайга дьиэ биэрбиттэр. Саҥа кыбартыыраларын күлүүһүн ааспыт сылга ылан, номнуо нус бааччы олороллор.
Антонина Алексеева, "Звёздный" дьоҕус түөлбэ олохтооҕо: «Сааһыран доруобуйабытын көрдөрүнэрбит элбэх. Ол аайы куоракка кэлэбит-барабыт. Бырайыас да ыарахан. Ол иһин дэлби үөрдэхпит. Куораакка ылаҕыт ду Өлөөҥҥө ду диэн талларбыттара. Уонна бэлэм дьиэҕэ киирдибит».
Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ бу сылга Антонина Васильевна курдук 45 тыһыынчаттан тахса киһи олорор усулуобуйалара тубуста. Маныаха "Звездный" дьоҕус түөлбэ Өрөспүүбүлүкэҕэ хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан тутуллар биир саамай улахан түөлбэ буолар. Манна тустаах бырагырааманан 5 тыһ. кэриҥэ киһи көһүөхтээх. Оттон Саха сиригэр олорор дьиэни тутууга быйыл муҥутуур таһым куоһарыллан эрэр, бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев биһиги каналбытыгар быһа эфиргэ бэлиэтээбитэ.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: «Есть все основания говорить о том, что мы установим исторический рекорд – построим 750 тысяч кв.м. жилья. Никогда Республика Саха (Якутия), до этого Якутская АССР столько жилья не строила».
Национальнай бырайыактарынан социальнай эбийиэктэри тутуу эмиэ болдьох быһыытынан баран иһэр.
Ол курдук, күн бүгүн "Үөрэҕирии" нацбырайыагынан 7 оскуола, 2 оҕо уһуйаана уонна 2 эбии үөрэхтээһин эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Оттон биир бөдөҥ үөрэх эбийиэгинэн киин куоракка тутулла турар 990 миэстэлээх оскуола буолар.
Николай Семёнов, бэдэрээтчит: «Эбийиэкпит уратыта диэн сейсмостойкоһа үрдүк – 7 балл. Саҥа нарматыыбынан оҥоһуллубут – болуоссаппыт улахан, көрүдүөр иэнэ киэҥ. Хас учуутал туспа хостоох буолар. 990 миэстэлээх оскуола буолар эрээри иэммит 17 тыһ. тахса кыбадыраат. Саамай улахан оскуола буолар».
Онон Саха сиригэр 2024 сыл тутууга улахан ситиһиилэри көрдөрдө. Олохтоох уонна бэдэрээлинэй бырагыраамалар олоххо киирэннэр, саҥа олорор дьиэлэр, социальнай эбийиэктэр дьэндэйдилэр.