"Өрөгөй" уораҕайыгар бастыҥ боксердар түмүстүлэр
Боксердар уутуйан үөскээбит сирдэриттэн Ньурбаттан төрүттээх Николай Матвеев бу рингэҕэ бастакы киирсиитэ. Россия спордун маастара, үгүс күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара 5 сыллаах тохтобул кэннэ боксаҕа төнүннэ. Бу бастакы киирсиитигэр тэҥнэһии буолан таҕыста, ол эрэн тохтобул кэннэ рингэҕэ төннүүм этэҥҥэ ааста диир.
Николай Матвеев, "Вызов Севера" бокса күрэҕин кыттыылааҕа, Россия спордун маастара: "Төрдүс рауҥҥа тахсыам иннинэ өйбөр баар этэ кыайан иһэбин диэн. Ол иһин холкутуйан хаалбытым. Үлэлии сатаатым эрээри. Олоххо араас буолар. Санаабытын түһэрбэппит, салгыы үлэлиибит".
Трибуна оргуйан олорор. Биир чаҕылхай бокса "Содружества чемпионун" титулун иһин киирсии. Сунтаартан төрүттээх Михаил Варламов Танзания боксерун кытта 8 раунд киирсэн, суудьуйалар биир кэлим быһаарыныыларынан кыайыылаах буолан таҕыста.
Михаил Варламов, "Содружество" титулун хаһаайына: "Утарсааччым чиэһинэйэ суох соҕустук киирсэр этэ. Ол да үрдүнэн бэркэ кииристим".
Оттон бу күн историяҕа хаалар түгэн - Сахабыт сирин биир бастыҥ боксерун Василий Егоров бүтэһик киирсиитэ. Кини рингэҕэ Филиппин боксерун кытта көрүстэ. Бу да сырыыга Василий Егоров чаҕылхай киирсиини көрдөрдө, уонна саха көрөөччүтүгэр рингэҕэ бүтэһик кыраһыабай кыайыытын бэлэхтээтэ.
Боксаҕа Россия 5 төгүллээх чемпиона, Саха сирин биир тарбахха баттанар спортсмена 13 сылын улахан спортка анаата. Бу сыллар тухары кини Саха сирин бүтүн аан дойдуга ааттатта. Оттон сыралаах үлэтин түмүгүн таһаарар күнүгэр дьонугар-сэргэтигэр, дьарыктаабыт тренердэригэр, бырабыытылыстыба салалтатыгар уонна куруук ыалдьар көрөөччүлэригэр махтанна.
Василий Егоров, Россия спордун үтүөлээх маастара, Россия 5 төгүллээх, Европа 2 төгүллээх чөмпүйүөнэ: "Саха сирин ааттатар, Россия чиэһин көмүскүүр сыаллаах үгүс сылларга кииристим. Саха норуота диэни киэҥник биллиннэр, мин кыайыыларбыттан эдэр оҕолор кыайыыга кынаттанныннар диэммин боксаластым".
Онон бу бокса киэһэтэ көрөөччүлэргэ, кыттааччыларга саха сирин спортсменнарын кыайыыларынан, бастыҥ боксеру улахан спортан атаарар биир чаҕылхай умнуллубат тэрээһин буолла.