"Кыайыыга бииргэ" диэн декада саҕаланна

49

Саха сирин устудьуоннарын кураатара Владимир Васильев этэрээтин кытта декада чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар кыттар санаалаах. Кини бэйэтэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буолар. Онон маннык хабааннаах тэрээһиннэри көтүппэт.

Владимир Васильев, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа: "Маннык тэрээһиннэри бэйэм өрүү өйүүбүн. Тоҕо диэтэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буолабын. Биир сыл сылдьыбытым, отделение хамандыыра этим. Аҕам эмиэ анал дьайыыга ыҥырыллан барбыта".

Саха сиригэр ыччаты дойдуга бэриниилээх буоларга, патриотическай иитиигэ туһуланар үлэлэр тиһигин быспакка бараллар. Декада кэмигэр үөрэх кыһаларыгар аһаҕас кэпситиилэр, Арассыыйа Дьоруойдарын кытта көрсүһүүлэр ыытыллыахтара.

Надежда Захарова, СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһин, иитии уонна эбии үөрэх департаменын салайааччыта: "Сүрүн хайысха оҕолору төрөөбүт дойдуну таптыырга,  көмүскүүргэ иитии буолар. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын холобура биһиэхэ иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр сүрүн үктэл буолаллар".

Ньурба улууһуттан сылдьар Уйгулаан Иванов доҕотторун кытта анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт анал быыстапканы сэргээн көрдө. Кини Ньурба улууһун эдэр ыччатын түмсүүтүн активиһа. Түмсүү туора турбакка, байыастарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр куруук  көмөлөһөр.

Уйгулаан Иванов, Ньурба улууһун "Баай Тиит " эдэр ыччат түмсүүтүн активиһа: "Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөспүппүт".

Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн патриотическай хайысхалаах тэрээһиннэр тохтоло суох ыытыллаллар. "Россия - мин историям" историческэй пааркаҕа  "Махталлаах көлүөнэ тыыннаах өйдөбүлэ" диэн бүтүн норуот аахсыйата салҕанар.

Сэбиэскэй сойуус саҕанааҕы тимир харчыны хомуйан, эһиил Москваҕа Кыайыы пааркатыгар пааматынньык оҥорон таһаарыахтара.