Дьокуускайга хаары түүннэри-күнүстэри ыраастыыллар
Дьокуускай биир саамай көхтөөх сырыылаах Чернышевскай уулуссатыгар хас даҕаны улахан тиэхиньикэ суол хаарын ыраастыыр. Өрөбүл күннэртэн былыттаах, хаардаах күн-дьыл туран үлэ биллэ эбилинннэ. Суолу ыраастыырга үлэһиттэр тустаах бэлиэ туруоран айаны-сырыыны харгыстаабакка, тохтоло суох хамсаналлар. Маныаха суол хамсааһынын кыттыылаахтарын, чуолаан суоппардары хаар тиэллиитигэр болҕомтолоохтук сыһыаннаһалларыгар ыҥыраллар.
Айаан Анисимов "Якутдорстрой" тэрилтэҕэ тырахтарыыһынан бу күһүҥҥүттэн үлэлиир. Күннэтэ 12 чаас устата араас уулуссаларынан сылдьан үлэлиир. Хас да тиэхиньикэни кытта дьүөрэлии, ким бэлэминэн, ким ол кэннэ ыраастаан биэрэр эбээһинэстээх.
Анисимов Айаан, суол тэрилтэтин үлэһитэ: "Сарсыарда 8 чаастан үлэбит саҕаланар. Массыына тийэригэр анаан хаары харбаан, чохчолоон бэлэмниибин".
Хаары ыраастыырга анаан-минээн ортотунан 50-чэ тиэхиньикэ тахсар. Араас күҥҥэ-дьылга түбүгүрэр үлэһиттэр 2 симиэнэнэн арахсан сууккаҕа 8-12 чаас быыстала суох хаары ыраастыыллар. Общественнай сирдэргэ чуолаан киин уулуссаларга, болуоссаттарга, свердэргэ, тротуардарга улахан болҕомтону уураллар. Эдьигээн улууһуттан төрүттээх Валерий Львов "Якутдорстрой" тэрилтэҕэ бу сайыҥҥыттан ыла үлэлиир. Валерий хаар быйыл аҕыйах, өссө ситэ түһэ илигин бэлиэтиир, ол эрээри күн ахсын хаар үлэтэ биллэн турар аҕыйаабат.
Валерий Львов, суол тэрилтэтин үлэһитэ: "Бииргэ үлэлиир киһибин кытта кыра тыраахтырга сыһыарыылаахпыт. Ол иһин наар онно үлэлиибит уонна улахан массыыналар уларыйа сылдьаллар".
Халтараан буолбатын туһугар оптуобус тохтобулларыгар, эргиир итиэннэ элбэх сырыылаах суолларга өрүс кумаҕын, бытархай тааһы куталлар. Хаары хомуйуу үлэтигэр аҥаардас суол эрэ тэрилтэтэ буолбакка, хас биирдии уокурук эбии тэрилтэни кытыннаран, хаары уопсай күүһүнэн хомуйаллар. Маныаха уокуруктар үлэһиттэрэ, муниципальнай дворниктар эмиэ көмөлөһөллөр.
"Бу күһүҥҥүттэн номнуо тыһыынчанан куб хаар тиэлиннэ. Куорат киин уулуссаларыгар суол тэрилтэтэ эппиэттээх. Оттон кытыы улууссаларга управалар уонна муниципальнай тиэргэн хомуйааччылар ыраастыыллар".
Мантан кыһын хаар өссө эбилиннэҕинэ, үлэ биллэ элбиирэ күүтүллэр. Онон, хаары ыраастааһыҥҥа күннээҕи сорук төһө кыалларынан бэриниилээх үлэһиттэр көмөлөрүнэн ситиһиллэн үлэ күөстүү оргуйар.