Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан суолталаах сокуон ылылынна

47

Өрөспүүбүлүкэ үбүн дохуоттаах чааһын кэлэр сылга 329 миллиардынан норуот депутаттара бигэргэттилэр. Бу ааспыт сылтан 38 миллиардынан улахан. Эһиилги бүддьүөтү тыырыы сүрүн уратыта - социальнай хайысханы уонна оҥорон таһаарыыны, ол эбэтэр тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн.

Кирилл Бычков, СӨ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ: «45% расходной части - это социальное обязательство нашей республики. Хочу отметить, что бюджет, благодаря совместной работе правительства и депутатов, получился сбалансированным, несмотря на сложную финансовую обстановку, дефицит бюджета в нынешних параметрах принят в менее 3 млрд рублей».

Оттон тыа хаһаайыстыбатыгар 15 миллиард 300 мөлүйүөн суумма көрүлүннэ. Бу хаһааҥҥытааҕар да улахан кээмэй. Маны сэргэ бу салаа сайдыытыгар улахан хамсааһыны киллэриэхтээх сокуон бигэргэннэ. Кэлэр сылтан улуустарга боломуочуйа бэриллэн, сыллааҕы көрүллэр субвенсияны оройуоннар бэйэлэрэ 14 хайысхаҕа тыырыахтара.

Александр Атласов, Ил Түмэн тыа сирин уонна аграрнай бэлиитикэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ: «Сокуоҥҥа 14 хайысха ыйыллан киирэр буоллаҕына, ол онтон сүрүнүн бэйэлэрэ быһаараллар».

Маны таһынан саҥа сокуоҥҥа кыра кыамталаах инвестиционнай бырайыактар эбии салаа быһыытынан киирдилэр. Бу саҥа сүүрээн, урукку өттүгэр маннык суоҕа. Итиэннэ улуустар саҥа боломуочуйаларынан  дьоҕус кээмэйдээх эбийиэктэри туталларыгар диэн барыта 590 мөлүйүөн көрүлүннэ. Ол эбэтэр 50 төбөҕө диэри хотон, сайылык, сылгы базата уонна 200 туоннаҕа диэри оҕуруот аһын харайар сирдэри тутуохха сөп буолла.

Артем Александров, СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ: «Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна подведомственнай тэрилтэлэрбитин кытта хонтуруол өттүн уонна үбү-харчыны тириэрдэллэрин чопчулуохпут».

Саҥа ылыллыбыт сокуон тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыны саҥа үктэлгэ таһаарар соруктаах ылылынна.