Дьокуускайга бэйдиэ сылдьар ыты тутуу тэрээһинин күүһүрдэллэр

60

Виктор Находкин 3 сылын ыты тутааччынан үлэлиир. Тустаах тэрилтэлэрэ куорат уокуруктарын кытта дуогабардаһан күннэтэ бэйдиэ сылдьар ыттары тутуунан дьарыктанар. Холобура бу биир ыт оҕотун сайаапкананан кэлэн тутан приюкка илдьиэхтэрэ. Тутар ньымалара араас, сүрүннээн астаах биэдэрэ, бэйэ оҥорбут ловушка буолар.

Виктор Находкин, ыты тутар тэрилтэ үлэһитэ: «5 уокуруктаахпыт. Октябрьскайга 90-ча тутулунна, 10-ча курдук хаалла. Билигин биир ыттаахпыт, Сайсарга туттубут».

Билигин халлаан тымныйан ыт элбиир, сылаас сирдэринэн саһан сыталлар диэн уокурук үлэһиттэрэ кэпсииллэр. Холобура киин Октябрьскай уокурук салалтата олохтоохтортон киирбит сайаапкаларынан күннэтэ үлэлиир. Сыл саҕаланыаҕыттан оройуоннарыгар номнуо 90-ча кэриҥэ бэйдиэ сылдьар ыты туппуттар.

Роман Сидоров, Дьокуускай куорат Октябрьскай уокуругун салалтатын үлэһитэ: «Бу нэдиэлэҕэ икки ыты туттубут. Бэдэрээтчиттэрбитигэр сайаапка ыытабыт. Кыһын тымныыларга ыттар элбииллэр, ол иһин бу кэм күүстээхтик үлэлиибит».

Олохтоохтортон күннэтэ сайаапка киирэр, ардыгар уоннуу ардыгар, биирдии-икилии. Куорат эргинээҕи бөһүөлэктэр эмиэ көхтөөхтүк үлэлэһэллэр. Ыты тутууга куорат иһигэр сэттэ биригээдэ үлэлэһэр.

Птицефабрика оройуонун олохтооҕо Мария Тарабукина бэйдиэ сылдьар ыт элбэх, онон чуолаан оҕолорго, саастаах дьоҥҥо сэрэхтээх диэн этэр. Соторутааҕыта бэйэтэ ыкка ытыттара сыспыт.

Мария Тарабукина, Дьокуускай олохтооҕо: «Улахан да дьоҥҥо кутталлаах. Мин киэһээ баран иһэн биир ыкка түбэспитим сумкалаах буолан быыһаммытым».

Онон билигин кыһыҥҥы өттүгэр бэйдиэ сылдьар ыты тутуу тэрээһинин күүһүрдэллэр. Ону тэҥэ, холбоһуктаах рейдэлэр бараллар. Өскөтүн бэйэҕит олорор сиргит эргин элбэх ыты көрдөххө, управаҕа биитэр биир кэлим диспетческай сулууспаҕа эрийэн сайаапка түһэрии ирдэнэр.