Уунан сайыҥҥы сырыы түмүгэ таҕыста

47

Быйыл уунан таһаҕаһы тиэйии этэҥҥэ түмүктэннэ диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох болуутун хааччыйар уонна гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин миниистирэ Дмитрий Лепчиков аан бастакынан тоһоҕолоон этэн, навигацияны түмүктүүр мунньах саҕаланар.

Сыллата саамай ыраах сытар улуустарбытыгар таһаҕаһы өрүстэринэн илдьии, уу ньуурун курдук эриэ-дэхси буолбат. Бу сайын Яна өрүс навигация кэмигэр уутун таһыма намтаан, үгүс күчүмэҕэйи үөскэттэ. Ити төрүөттэн сылтаан 20 суудуна хаайтаран турбуттара. Бу биллэн туран, таһаҕас тиэйиитин бытаардыбыта. Ол да буоллар үлэ былаанынан ааста. Онон бүгүҥҥү улахан үлэни түмүктүүр мунньах киэҥ хабааннаахтык ыытылынна.

Никита Павлов, СӨ нэһилиэнньэ олоҕор куттала суох буолуутун уонна олох-дьаһах эйгэтин хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Бу мунньахха үс субъект кыттар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Иркутскай уобалас, Чукотка автономнай уокуруга уонна биһи тэрилтэлэрбит, министиэристибэлэрбит киирэллэр. Быйылгы былааммыт 1 мөл. 189 тыһ. туонна. 100% былааммытын толордубут».

Быйылгы уунан таһаҕаһы тиэйии үлэтигэр уопсайа 769 уу ааллара, онтон 502-тэ улахан кыамталлаах, гурууһу тиэйэр суудуналар, 223-э техническэй флот уонна 44 кырааны үлэлэттилэр. Навигация бастакы түһүмэҕэр түргэнник уолар өрүстэринэн, үрэхтэринэн таһаҕас ыытыллыбыта. Маныаха олох-дьаһах хоммунаалынай өҥөтүгэр чох ыытыллыбыта. Салгыы биллэн туран ас-үөл, бородуукта.

Сергей Неустроев, СӨ Арктика сайдыытын уонна хотугу норуоттар дьыалаларын миниистирин бастакы солбуйааччы: «Арктикатааҕы атыы-эргиэн логистическай хампаанньа бэйэтэ флоттаах. Быйыл 2,74 тыһ. туонна бородуукта тиэрдилиннэ. Былааммыт 100% туолла. Тыраанспар сыаната чэпчэки эрдэҕинэ элбэх бородууктаны бу кэмҥэ таһыахпытын наада».

Маныаха быйылгы уунан таһаҕаһы тиэйии уратыта саҥа Федеральнай сокуон чэрчитинэн ааста. Ол эбэтэр бу сыл муус устар 1 күнүгэр  ылыллыбыт "Хоту таһаҕаһы тиэйии" сокуонунан үлэ хаамыыта барда.