Саха сиригэр Олоҥхо декадата саҕаланна
Олоҥхо - саха норуотун үйэлээх баайа. Саха сиригэр Олоҥхону үйэтэтиигэ, киэҥ араҥаҕа тарҕатар соруктаах үгэс быһыытынан Олоҥхо декадата саҕаланна.
Олоҥхо декадатын арыллыытыгар бастыҥ олоҥхоһуттары чиэстээтилэр. Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, биллэр олоҥхоһут Ноорой сиэнэ- Аксиния Степанова - "Бастыҥ олоҥхону толорооччу" анал ааты тутта.
Аксиния Степанова, "Бастыҥ олоҥхону толорооччу" анал аат хаһаайына: «Олоҥхо диэн сахалар биир саамай баайыбыт, сахабыт тылын сүмэтэ».
Бу бэлиэ күн Ил Дархан Айсен Николаев төрүт үгэспитин илдьэ сылдьааччыларга, үйэтитиигэ үлэлэһэр, ыччаты сайыннарыыга, уһуйууга кылааттарын иһин - олоҥхоһуттарга, оһуохай этээччилэргэ, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар анал стипендиялары туттарда.
Амма улууһуттан сылдьар Александра Артемьева бастыҥ оһуохай этээччи, уһуйааччы. Кини саамай үөрэрэ диэн кэнники кэмнэ үгэһи удьуордуур ыччат баар буолла диэн этэр.
Александра Артемьева, СӨ үтүөлээх учуутала: «Үлэбит түмүгэ көстөн, улахан истипиэндийэҕэ тиксэн. Учуутал дьоло диэн маны эттэхтэрэ. Өбүгэлэрбит үгэстэрин илдьэ сылдьар дьон быһыытынан өссө даҕаны үлэлиэхпит».
Александра Ивановна быйылгы дьыл стипендияттар ааттарыттан Ил Дархаҥҥа махтанан туран кулун атах култууратын кэрэлэһиир Амма туой буоруттан оҥоһуллубут чороону туттарда.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн научнай конференциялар, төгүрүк остуоллар, айымнньыылаах киэһэлэр, күрэхтэр ыытыллыахтара, ордук болҕомто оҕолорго, эдэр ыччакка ууруллуоҕа.
Сергей Местников, СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Хабаан кэҥээн иһэр. Олоҥхо декадатыгар Агафья Захарова үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт тэрээһиннэр ыытыллыахтара».
Быйылгы Олоҥхо декадата киэн далааһыннык ыытыллара былааннанар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күҥҥэтэ араас тэрээһиннэр быыстала суох ыытыллыахтара.