Дьокуускайга автобус сырыыларыгар бу күһүҥҥүттэн уларыйыылар киирдилэр

44

Дьокуускай куоракка бу күһүҥҥүттэн 10 маршрут уларыйда, итиэннэ икки саҥа автобус баар буолла. Ол курдук 11 нүөмэрдээх автобус  уонна 15 уонна 25 машруттар оннуларыгар 12 диэн саҥа маршрут киирэн биэрдэ. Маныаха хайысхалары саҥаттан наардааһыны олохтоох барыта биһирээбэтэ. Холобура, киин Петр Алексеев уулуссатыгар 15 уонна 25 автобустар таарыйан ааһаллара. Оттон ити машруттары суох гыммыттарын кэннэ бу уулуссаҕа суос-соҕотох 5 эрэ нүөмэрдээх автобус хаалбыт. Бу оройуон олохтооҕо Ирина Подова урукку өттүгэр бу уулуссанан бүтүн 4 маршрут сылдьар этэ диир, онтон аҕыйаан аҕыйаан биирэ эрэ хаалла диэн этэр.

Ирина Подова, Дьокуускай олохтооҕо: «Двойку убрали давно, восьмёрку убрали в том году. Два автобуса оставалось, теперь убрали пятнадцатый. Осталась одна пятёрка, но она ходит на площадь Орджоникидзе, а 15-й ходил по улице Орджоникидзе, где находятся очень много социальных объектов для нас, пенсионеров».

Онон бу эргин олорооччулар 15 автобус хааларын туруорсубуттара даҕаны табыллыбата, ол эрээри этиилээхтэр. Саҥа киирбит 12 маршрут Дзержинскайынан буолбакка, Петр Алексеев уулуссатынан таарыйара буоллар, кыһалҕа быһаарыллыах этэ диэн эрэнэллэр. 12 автобус сырыылара тохтообут 15 уонна 25 маршруттары солбуйар,  маныаха  бүтэһик тохтобула урукку 25 автобус тохтобула - 2 дамба буолбакка 1-Борисовка гыммыттара олох табыгаһа суох диэн Хатыҥ Үрэххэ олорор Петр Соловьев санаатын үллэстэр.

Пётр Соловьёв, Дьокуускай олохтооҕо: «Холобур, оскуола үөрэнээччилэрэ 17№ 31№-дээх оскуолалар. Олор иккитэ төлөөн барар буолаллар, бириэмэлэрэ уһаан биэрэр».

Автобустар реформаларын киллэриигэ бэлэмнэнии хас да сылтан бэттэх элбэхтэ үөрэтиллибитэ, научнай чинчийии кытта ыытыллыбыта. Ол түмүгэр олоҕуран, маршруттар уларыйдылар

Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыга: «Ол үөрэтии, чинчийии түмүгүн ыламмыт саҥа маршруттары оҥорон таһаардыбыт. Дьон эрдэттэн үөрэппит. Уонна этиллибити барытын үөрэтэн өссө кыалларынан дьоҥҥо табыгастаах гына оҥоруохпут».

Онон баар итэҕэстэри, ситэтэ суох өрүттэри, дьон этиилэрин учуотааһын, общественнай транспорт үлэтин тупсарыы салгыы ыытыллара күүтүллэр.