Тыа сирин дьоно-сэргэтэ анал байыаннай дьайыы байыастарыгар көмө ыыталлар
Амма улууһун олохтоохторо, улуус дьаһалтата анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмөнү оҥоруулара тохтообот. Олохтоохтор тус үлэлэрин быыһыгар, бэйэлэрин баҕаларынан сылаас илиилэринэн таҥас тигэллэр, мал-сал, ас хомуйан ыыталлар.
Маны таһынан хас биирди байыастар дьиэ кэргэттэригэр күүс-көмө, өйөбүл тохтообокко ыытыллар. Кыстыккка киирэллэригэр мастарын, муустарын хааччыйан көмөлөһөллөр.
Степан Кузьмин, Амма улууһун баһылыга: «Амма улууһугар анал дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр күүс көмө күргүөмнээхтик барар. Дьайыы сиригэр гуманитарнай көмөбүтүн кэм кэминэн илдьэммит уолаттарбытын көрсөммүт тиэрдэбит».
Хас биирди улуус туора турбакка байыннай дьайыыга сылдьар уолаттарга көмө оҥорор. Бу күннэргэ Нам улууһун дьаһалтата байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баран кэллэ.
Тирэх пууннарга тиийэн биир дойдулаахтарын көрсөн, байыастары алҕаан, улуус олохтоохторо, чугас дьонноро хомуйан ыыппыт малларын, көмөлөрүн тиэрдэн кэллилэр.
Анатолий Павлов, Нам улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу: «Уолаттарбыт санаалара бөҕөх, онон түгэни туһанан улууспут дьонугар-сэргэтигэр бу аһымал аахсыйаҕа кыттаҥыт, уолаттарбытыгар наадалаах тэрил, ас-сап тиийбитигэр махтанабыт».
Чурапчы улууһун салалтата, олохтоохторо байыастарыгар ис сүрэхтэриттэн ыалдьаллар. Улуус эр дьоно бары түмсэн үгэс быһыытынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр бултаан-алтаан, муҥхалаан күндүлээтилэр.
Оттон бу соторутааҕыта улуус делегацията Саха сирин байыастарыгар тиийэн гуманитарнай көмөлөрүн тиэртилэр, бу улуус 10 төгүлүн баран кэлээһинэ. Маннык көмөлөһүү байыастарга, уолаттарбытыгар күүһү-уоҕу бөҕүргэтэр, санааларын күүһүрдэр диэн этэллэр.
Алексей Лобанов, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччыта: «Уолаттарбытыгар уопсайа 4 массыына, 10-ча матасыыкыл, дроннар, тепловизионнай прицеллар, о.д.а. мал-сал тиэрдилиннэ. Уонна уолаттар махталларын тириэрдэллэр».
Бу курдук бары түмсэн, ким да туора турбакка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бэйэлэрин көмөлөрүн ууран, сэмэй кылааттарын киллэрэллэр. Байыастарбыт туох да улахан кыһалҕаны көрсүбэккэ дойдуларын чиэстээхтик көмүскүөхтэрэ диэн бигэ эрэллээхтэр.