Өлөөн улууһугар кыыл таба үөрэ ааҥнааһыныттан ыстаадалар эмсэҕэлээтилэр
Өлөөн улууһугар ыксаллаах-быһыы майгы салҕанар. Кыыл таба иккистээн кутталы үөскэтэр. Ааспыттааҥы суолларынан төптөрү иһэллэрин, олохтоох табаһыттар тыллаан. Улуус дьаһалатата үбүлээһин көрөн, эбии бензин биэрэн дьону ыстаадаларга ыыталыыллар.
Бастакы сырыыларыгар Таймыыртан киирэр кыыл таба Өлөөн 4 ыстаадатын хаарыйбыта. Мантан биир ыстааданы бүтүннүү кэриэтэ илдьэ барда, онон аҥаардас биир түгэҥҥэ ытыс соттон хааллылар. Арааран ылар хайдах да кыаллыбат, кыыл таба үөрэ олус халыҥ.
Анатолий Егоров, Өлөөн улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччы: «Билиҥҥи туругунан табаны төннөрөр кыах суох. Балаһыанньабыт ыарахан. Сүрүн үлэ акт оҥорооһуҥҥа бара турар, төһө таба барбытын чуолкайдааһын. Тугу да билбэккэ хааллыбыт, кыыл эмискэ кэллэ».
Кыыл таба күрэтэн барыытын бигэтийбит тиэрмининэн "сүтүк" диэн ааттанар. Оттон барыллаан ааҕыынан күн бүгүн Өлөөн улууһа 1800 кэриҥэ таба сүтүктээх. Бэйэтэ да улууска 5 тыһыынчаттан тахса хоту маанылаах кыыла баар этэ. Улахан хоромньуну көрсүбүт "Өлөөн" диэн тэрилтэ племенной үлэни иилиир-саҕалыыр. Онон бу салааҕа эмиэ улахан охсуу таҕыста. Маны сэргэ 15 киһи үлэ миэстэтэ суох хаалар кутталлаах. Маныаха улахан сүтүгү таһаарар кыыл ахсаана аҕыйаата диэн бултаһыыга бэриллэр көҥүл билигин аччаан турар.
Иннокентий Баланов, СӨ ТХМ хотугу төрүт дьарыктары уонна балыктааһыны сайыннарыы салаатын салайааччы : «Уонча сыл буолла киирбитэ. Кыыл үөрэтэн табыгастаах сирин булан хамсыыр. Кинилэргэ ааҕыы түмүгүнэн 130 тыһ. эрэ кыыл баар дииллэр».
Кыыл таба кыһалҕата Өлөөн улууһугар 70 сыллартан сытыытык турар. Маны быһаарар сыалтан биологическай кыһалҕа институн кытта ыкса үлэлэһэн, сөптөөх быһаарыыны ылбыттара. Ол курдук ыстаадалар моойторук кэтэрдиитин олус биһирээн тутта сылдьыбыттара. Онтон икки сылтан бэттэх үбүлээһин тохтоон, улахан ороскуокка тэптэ. Билигин туһааннаах министиэристибэ ороскуоту толуйууну тобулар.
Василий Бессонов, СӨ ТХМ кыылы-сүөлү иитии салааларын, племенной үлэни, кээпэрээссийэни уонна дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары сайыннарыыга департаменын салайааччыта: «Хорумньуларын ааҕыахтаахтар ол кэннэ кэлэр сылга төбө толорорго үлэлэһиэхтээхтэр».
Кыһалаҕалаах улууска сүтүгү толуйуу билигин тыын боппуруос. 2-3 сыл иһигэр төбө ахсаанын чөлүгэр түһэрэллэрэ буоллар диэн баҕалаахтар.