Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр баһаары биллэрэр тэрили туруораллар
Куорат таһынааҕы Тулагы-Киллэм 7 №-дээх баһаарынай чааһын үлэһиттэрэ бүгүҥҥүттэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар "Дьиэ-уот" диэн ааттаах сэрэтэр эпэрээссийэлэрин ыытан саҕалаатылар. Нэһилиэк биир аҕам саастаах, үйэлэрин тухары Тулагыларын туһугар туруулаһан туран үлэлээбит, Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ буруону биллэрэр оборуудабанньаны ииллилэр.
Василий Попов, Тулагытааҕы 7 №-дээх баһаарынай чаас салайааччытын солбуйааччы: “Бу сылга Тулагыга барыта 27 устууканы туруордубут. Олус боростуой, батарыайата биир сылга тиийэр. Олордоргор икки тоһоҕоҕо иилэҕин”.
Бу күн маны таһынан аахсыйа чэрчитинэн дьиэ хаһаайкатыгар уоттан сэрэхтээх буолууну сэрэтэр кэпсэтиини ыыттыллар. Баһаар кэмигэр ханнык нүөмэрдэргэ эрийэри тоһоҕолоон өйдөттүлэр. Иһитиннэриилээх өйдөтөр-сэрэтэр кумааҕыны туттардылар.
Егвения Васильева, Тулагы -Киллэм нэһилиэгин олохтооҕо: “Сигнализация туруордулар. Онон билигин киһи эрэллээх курдук. Маны таһынан баһаартан сэрэхтээх буолууну кэпсээтилэр. Онон сэрэхтээх буолуохпут, быраабыланы барытын тутуһа сылдьыахпыт”.
Профилактическай тэрээһининэн, тустаах нэһилиэккэ 73 элбэх оҕолоох, аҕам саастаах, доруобуйаларын туругунан хааччахтаах дьиэ кэргэттэргэ, соҕотох олорооччуларга уопсайа 283 баһаары сэрэтэр оборуудабанньа турда.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл сыл саҕаланыаҕыттан Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр 8 баһаар турда. Былырыын баччаларга эмиэ 8 быһылаан тахсыбыта.
“Төһө да өйдөтөр-сэрэтэр үлэ барбытын үрдүнэн баһаар тахса турар. Ол курдук Тулагы-Киллэм Сыырдааҕар баһаар таҕыста. Баанньыкка уот туран, салгыы харааска көспүтэ”.
Киэһээ 5 чааска суһал иһитиннэрии киирбитэ, тутатына баһаарынай чаас байыастара уот турбут сиригэр тиийэн умулларан саҕалаабыттар. Салгыы чугастааҕы сытар Жатайдар уонна Капитоновка чаастара кэлбиттэрэ.
Виктор Колесов, Тулагытааҕы 7 №-дээх баһаарынай чаас салайааччыта: “Дьиэни быыһаатыбыт. Уот баанньыктан барбыт. Хаһаайыттар наһаа күүскэ оттубуттарыттан баһаар тахсыбыт. Хараастан массыынаны таһаарбыппыт”.
Оттон статистика хобдох сыыппырата көрдөрөрүнэн быйыл Саха сиригэр 591 баһаар тахсыбыт. Сүрүн төрүөт үгүс өттүгэр сэрэҕэ суох буолуу.
Михаил Быкалыров, СӨ баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын профилактика салаатын салайааччыта: “Баһаар тахсар сүрүн төрүөтэ уоту сэрэҕэ суох туттуу буолар. Уот ситиминэн үлэлиир тэриллэри сыыһа туттуу уонна оһох тутуутун быраабылатын кэһии”.
Саха сирин баһаарынайдара өоөспүүбүлүкэ олохтоохторун кыһыҥҥы тымныы кэмнэр турбуттарынан икки бүк болҕомтолоох буоларгытыгар ыҥыраллар.