Саха сиригэр кыһыҥҥы өрүс суоллара арыллан эрэллэр

50

Суол үлэһиттэрэ анал тэрилинэн өрөһөлүү чөмөхтөспүт мууһу тоҕута анньаллар. Кыһыҥҥы өрүс суола кыдьымахтан ыраастанар. Үлэһиттэр номнуо кытылтан хас эмит килэмиэтир тэйиччи эбэ ортотугар тиийбиттэр.

Оттон бэтэрээ кытылтан өрүскэ киириигэ улахан тиэхиньикэ үлэлиир. Хатас-Павловскай хайысханан билигин тэтимнээх үлэ барар. Илии, тиэхиньикэ көмөтүнэн кыһыҥҥы өрүс суола оҥоһуллар.

Владимир Павлов, суол учаастагын маастара: "Анараа диэки кыдьымаҕы илиинэн алдьатабыт. Онно тиэкиньикэ сатаан киирбэт, муус чараас. Кыдьымаҕын алдьатан баран уу кутан халыҥатабыт. Ол кэннэ биирдэ тиэхиньикэни киллэрэбит".

Маныаха халлаан сылаас буолан мууһу халыҥатарга ыһыллар уу икки-үс күн тоҥор эбит. Онон сылаас күн-дьыл үлэни бытаардарын  үлэһиттэр этэллэр. Оттон муус кытаанахтык тоҥно да тутатына тиэхиньикэ киирэр.

"Хатас-Павловскай хайысханан муус суола барыллаан бу ый бүтүүтэ арыллыаҕа. Билигин бэдэрээттээх тэрилтэ суолу оҥоруунан дьарыктанар. Ол курдук билигин суолу тэҥнии сылдьаллар".

Хатас-Павловскай хайысханан муус суола 4 балаһалаах буолуоҕа. Билигин икки сүрүн балаһаны оҥорон бүтэрэн эрэллэр, онтон салгыы икки саппаас суолларга киириэхтэрэ.

Семён Павлов, СӨ суол салалтатын эксплуатацияҕа салаатын салайааччытын солбуйааччыта: "Билигин икки сүрүн суолу бүтэриэхтэрэ. Ол кэннэ икки саппаас суол кыдьымаҕын ыраастаан бүтэрдэхтэринэ суолу арыйыахпыт. Хатас өттүттэн Үөс кумах диэн арыыга  тэҥнээһин үлэтэ барбыта.  Онтон салгыы кумаҕы уунан кута сылдьаллар".

Бигэргэтиллибит болдьох быһыытынан тустаах муус суола ахсынньы 10 чыыһылаларыгар арыллыахтаах. Ол эрэн билигин халлаан улам тымныйан, үлэ тэтимирэн эрэр, онон бу сэтинньи бүтүүтүгэр диэри суол үлэтин түмүктүүр былааннаахтар. Оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн күн бүгүн 4 кыһыҥҥы өрүс суола арылынна. Бу хоту улуустарга. 

Анатолий Потапов, СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта: "Ахсынньы 1 күнүгэр түөрт сиргэ муус суола аһыллыа. Бүлүү өрүс нөҥүө федеральнай трассаҕа түөрт муус суолугар сырыыны олохтуохпут".

Онон түһүмэҕинэн кыһыҥҥы суоллар арыллан саҕалаатылар. Быйыл Саха сирин үрдүнэн уопсайа 47 кыһыҥҥы өрүс суола үлэлиэҕэ.