Батарыы сүрүн кистэлэҥэ – хаачыстыба
Эриллибит эт анал оборудабанньа нөҥүө ааһан, дьон сөбүлээн сиир фрикаделькатыгар кубулуйар. Көрдөххө да, сип-сибиэһэй, кып-кыһыл өҥнөөх бэйэ этиттэн бородууксуйаны киһи сиикэйдии да сиэн кэбиһиэх, айылаах минньигэс көрүҥнээх. Оттон бу "Фермер-ас" хаһаайыстыба бородууксуйаны оҥорон таһаарар сыаҕа буолар.
"Биһиги билигин тэрилтэ “тэбэр сүрэҕэр” киирэн турабыт. Манна үлэһиттэр барытын иллиинэн оҥороллор. Холобур, бүгүн манты күн. Оттон тэрилтэ уопсайа барыта 18 көрүҥ аһы оҥорон таһаарар ",- Анастасия Добрянцева, корреспондент.
Сунтаартан төрүттээх, былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ "Бастыҥ үлэһит" анал ааты ылбыт Алексей Герасимов бу сыаҕы 8 сыллааҕыта бэйэтин күүһүнэн оҥорон, олоххо киллэрбитэ. 2018 сыллаахтан үлэ тигинэччи баран, билигин биир өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, дьон сандалы остуолугар күннэтэ сиэниллэр, чахчы, бэйэ аһыгар кубулуйда.
Алексей Герасимов, тэрилтэ хаһаайына: "Сахалыы астааһын ньыматын туһанабыт. Уопсайа 200 туоннаны оҥорон таһаарыахтаахпыт. Эппитин олохтоох хаһаайыстыбалартан уонна өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн эмиэ ылабыт".
Билигин Алексей Петрович тэрилтэ салайыытын бэйэтин төрөппүт кыыһыгар Кристинаҕа уонна күтүөтүгэр Анатолий Нестеровтарга туттаран олорор. Эдэр эрчимнээх дьон билигин үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Оҥорон таһаарыттан саҕалаан - батарыыга диэри билигин барыта кинилэр санныларыгар.
Анатолий Нестерев, тэрилтэ салайааччыта: "Күҥҥэ 500-700 киилэ бородууксуйаны оҥоробут. Батарыыга саамай сүрүнэ хаачыстыба. Онон туох баар кыахпытын онно уурабыт".
Тэрилтэ инники былаана киэҥ, сотору кэминэн оборуудабанньалары барытын саҥардыы үлэтэ барыаҕа. Маныаха халбаһыыга холонуохпут диэн бэйэ астара былааннарын кэпсииллэр. Билигин тэрилтэҕэ 10-ча киһи үөрэ-көтө үлэлиир.
Антонина Килбинова, тэрилтэ үлэһитэ: "Дууһабытын ууран туран үлэлиибит. Үлэбин олус сөбүлүүбүн".
Тэрилтэ толору бэйэтин үбүнэн-харчынан дьаһанан олорор, баҕа санаалара судаарыстаба грааныгар тиксэн, үлэлэлэрин ыырын улатыннарыы буолар.