Бэйдиэ сылдьар сылгылар утары үлэ ыытыллар
Каадырга көстөрүн курдук, үөр сылгы бөхтөн-сыыстан булан аһыы сылдьар. Бу Дьокуускай куорат ДСК оройоунугар олохтоохтор дьисинэ көрөн устубуттар. Сыспай сиэллээхтэр былдьаһа-былдьаһа сыһыы отун курдук минньигэстик ас тобоҕун сииллэр. Дьону куттуулларын ааһан, тимир көлө сырыытыгар мэһэйи үөскэтэллэр.
Саха норуотун биир сүгүрүйэр Дьөһөгөй айыы оҕото маннык бөхтөн-сыыстан булан аһыы сылдьара дьону сөхтөрөр. Олохтоохтор хаһаайыттар эппиэтинэһэ суохтук аттарга сыһыаннаһалларын этинэллэр. Бу ДСК оройуонун олохтоохторо уокурук салалтатыгар, салайар хампаанньаларга үҥсүү түһэрбиттэр.
Алексей Афонский, "Строитель" салайар хампаанньа сүрүн инженерэ: «Олохтоохтор уонна биһи көрөн үүрэ сатыыбыт уонна управаҕа суруйан штрафстоянкаҕа туттарабыт».
Бу Хатас нэһилиэгэр көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар аттары тутан быстах кэмҥэ туруорар пуун баар буолбута сүрдээҕин абыраата. Урукку кэмҥэ күннэтэ бэйдиэ сылдьар сылгылары көрөр эбит буоллахха, билигин аҕыйаабыттара бэлиэтэнэр. Тустаах пууҥҥа сыспай сиэллээхтэри үлэһиттэр көрөллөр-харайаллар, сыһыы отунан аһаталлар.
Биллэн турар, сылгы айылҕа оҕото отунан аһылыктаныахтаах, урут уруккуттан онооҕор тоҥуу хаары хаһан бэйэтэ аһын булунар. Оттон кэнники сылларга Саха сиригэр сылгы бииһэ айылҕаттан тэйэн эрэр, уонна оттон бу бөхтөн-сыыстан булан аһыы сырыттаҕа.
Биллэн турар бөхтөн-сыыстан булан аһыыр сылгы бастатан туран туруга мөлтүүр, өлөр да түбэлтэтэ элбэхтэ бэлиэтэммитэ. Оттон этин киһи этэ да барбат.
Галина Осипова, СӨ ТХМ кыыл-сүөл сайдыытыгар, племенной хаһаайыстыбаҕа департаменын салайааччытын солбуйааччыта: «Бу кэлин дьиэ таһыгар тутан иитэн ынах курдук аһатабыт, ол иһин этин хаачыстыбата мөлтөх».
Онон билигин туһааннаах биэдимистибэлэр саха сылгытын үгэс быһыытынан ыраах тэйиччи сиргэ иитиини сөргүтэргэ үлэлэһэллэр. Санатан эттэххэ, өссө 2016 сыллаахха сылгыны үөрдээн иитиигэ Ил Дархан уурааҕа тахсан турар. Онно биир сүрүн ирдэбилинэн, сылгы турар сирэ-уота куораттан уонна нэһилиэктэн 10 килэмиэтир тэйиччи буолуохтаах. Оттон билиҥҥитэ ирдэбили тутуспат, хаһаайыстыбаларын хонтуруоллаабат хаһаайыттары ыстыраапка тардаллар.