Покровскайга Серго Орджоникидзе дьиэтин чөлүгэр түһэрдилэр
Үйэни уҥуордаан күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлбит историческай пааматынньык - Серго Орджоникидзе олорбут уонна үлэлээбит дьиэтигэр быйыл аан бастакытын чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытылынна. Тоҥон, сиргэ тимирэн турбут дьиэни үлэһиттэр хостоон таһааран бүтүннүү ыһан саҥаттан хомуйбуттар.
Николай Макаров, СӨ култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр салалта салайааччыта: «Эмэҕирбит эрэ өттүн кыһан быраҕабыт. Гынан баран акылаат барыта уларыйда».
1912 сыллаах тутуу 60-с сылларга түмэл буолбута. Муһуойу төрүттээбит киһинэн Покровскай орто оскуолатын учуутала, энтузиаст Семен Дмитриевич Иванов буолар. Уонна кини научнай үлэһитэ Николай Гордеев. 1912 сыллаахха бу дьиэ амбулатория буолан үлэҕэ киирэр. 136 кв миэтирэ иэннээх баараҕай эбийиэги оччотооҕу кэмҥэ балыыһаҕа анаан барытын учуоттаан туппуттара көстөр. Салгыннаах буоллун диэн үрдүк, киэҥ ааннардаах итиэннэ күн уотун киллэрэр улахан түннүктэрдээх. Аны туран балыыһа малын-салын бу аҕыйах сыллаахха диэри Покровскай куорат поликлиникатыгар туһана сылдьыбыттар.
Наталья Тимофеева, С. Орджоникидзе түмэлин пуондатын сүрүн харайааччыта: «Ол саҕанааҕы маллары поликлиника ремоннаммытын кэннэ биһиэхэ биэрбиттэрэ».
Григорий Константинович Серго Орджоникидзе 1916 сыллаахха Покровскайга ссылкаланан кэлэр уонна тутатына бу амбулаторияҕа фельдшерынан үлэлии киирэр. Бу барыта кини туһаммыт мала-сала буолар. Үлэлиирин таһынан Орджоникидзе бу балыыһаҕа кыра хоһу ылан олорор. Онон кини Покровскайга олоҕо бу дьиэ тула ааһар.
Наталья Тимофеева, С. Орджоникидзе түмэлин пуондатын сүрүн харайааччыта: «Кини бастакы үлэтэ – нэһилиэнньэ диспансеризацията».
Даҕатан эттэххэ, Оджоникидзе тыа сиригэр мэдиссиинэ сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит киһинэн буолар. Түүннэри-күнүстэри бу амбулаторияҕа тыһыынчанан киһини көрөр. Онон бу дьиэ 100 тахса сыл историялаах, урукку кэм кэрэһитэ, култуурабыт нэһилиэстибэтэ буолар.