Дьокуускайга саҥа дьыллааҕы харыйалары туруоран саҕалаатылар
Ленин болуоссатыгар саҥа дьыл тыына билиннэ. Бырааһынньык сүрүн бэлиэтэ күөх харыйа саҥардыллыбыт болуоссакка миэстэтин булла. 19 миэтирэлээх 3 тахса туонна ыйааһыннаах саҥа харыйаны быйыл олохтоохтор аан бастакытын көрүөхтэрэ. Дьардьамата туран билигин үлэһиттэр лабааларын олордо сылдьаллар. Кран көмөтүнэн үөһээ тахсан саас-сааһынан сааһылаан, конструктор курдук хомуйаллар. Александр Захаров тутаах үлэһит, кини аллараа туран олордуллуохтаах лабаалары бэлэмниир.
Александр Захаров, СӨ эксплуатационнай-техническэй хааччыйыы сулууспатын үлэһитэ: «Бу лабааларын барытын көннөрөбүт, сахсатан биэрэбит. Гирляндалара бу сылдьаллар, уолаттар олордон баран холбоон иһэллэр».
Харыйа лабааларын маннык сахсыттахха эрэ баай, хойуу буолан көстөр. Маныаха хас биирдии лабааҕа гирлянда эриллэр. Ону үлэһиттэр алтынньы ыйтан саҕалаан иилбиттэр. Онон баараҕай харыйаны туруорарга үлэ хас да түһүмэҕинэн ыытыллар,бастаан чаастарын биирдиилээн хомуйан бэлэмнииллэр. Онтон дьардьаматын туруораллар, дьэ ол кэннэ барыта хомуллар.
Ньургун Худогизов, СӨ эксплуатационнай-техническэй хааччыйыы сулууспатын инженерэ: «Билигин сүрүн дьардьамата турда, лабаатын иилэ сылдьабыт. 600 устуука оонньуурдаах. 2,5 км курдук гирлянда барда. Оройо 1,5 м Чолбон-сулус».
Быйылгы саҥа харыйа уратыта диэн тыыннаахха маарыҥныыр буолуохтаах. Ол эбэтэр, конус курдук буолбакка, сэксэйбит лабаалардаах. Иэнэ, уһуна, кэтитэ уруккутунааҕар эмиэ улахан. Гирлянданы таһынан, эбии уотунан-күөһүнэн симиэхтэрэ. Оттон Ленин болуоссатын харыйатын иннинэ Орджоникидзе болуоссакка киин куорат сүрүн харыйатын туруорудулар. Манна эмиэ саҥа дьыл күөх бэлиэтин саҥартылар.