Бааһынай ырыынагар убаһа, ынах этэ атыыга көхтөөхтүк таҕыста
Саамай хотугу ырыынак тыйыс кыһыммыт кэлэн үлэтэ тэтимирбиккэ дылы. Баччаларга үгэс быһыыытынан эт, балык эгэлгэтэ хото тэлгэнэр. Соботтон саҕалаан чыырга тиийэ араас балык көрүҥэ кыстаммыт. Ырыынакка балык сыаната кырдьык көмүскэ тэҥ. Холобура собону киилэтин 300 солкуобайтан, оттон үрүҥ кыһыллар балыгы саамай кычаабыта биир тыһыынчаттан са5алаан атыылаһыахха сөп. Идэһэ кэмэ буолан олохтоох эт атыыга көхтөөхтүк таҕыста. Өрүс уҥуор суол аһылла илик буолан эт ас сүрүннээн киин улуустартан кэлэ турар.
Марина Левина, чааһынай эргиэмсик, атыыһыт: «Эт Намтан. Дьон ордук мииҥҥэ кыралаан ылаллар».
Быйыл олохтоох ынах этигэр сыана тос курдук үрдээбитэ харахха быраҕыллар. Ынах этин киилэтин 800 солкуобайтан, оттон убаһа этин биир тыһыынчаттан саҕалаан атыылаһыахха сөп. Баҕалаах эти биир үксүн кыралаан, киилэнэн атыылаһар. Онтон сорох кыстыкка диэн миэстэнэн ыларыгар сыалай миэстэ, буут, ойоҕос эмиэ баар. Төбөлөр кытта кэчигирэспиттэр. Дьокуускай олохтооҕо Капитолина Георгиевна Васильева кыстыыр этин атыылаһа кэлбит.
Капитолина Васильева, Дьокуускай олохтооҕо: «Бу сыалаах убаһаҕа ымсыыран турабын. Сыанабыт былырыыҥҥытын курдук, наһаа ыараабатах быһылаах».
Атыыһыттар этэллэринэн быйыл убаһа этэ ордук элбиирэ күүтүллэр. Ол курдук тыаҕа дьон биир үксүн сылгынан дьарыктанар буолла, онтон ынах-сүөһү төбөтүн ахсаана биллэ аҕыйаабыта бэлиэтэнэр. Онон ынах этигэр сыана эбиллибит. Убаһа этэ төһө да дэлэйэр чинчилээҕин үрдүнэн сыана түһэрэ биллибэт. Холобура, быара 4500 тыһыынаҕа, харта 8 тыһыынчаҕа, онтон толору комплегын 15 тыһыынчаҕа турар.
Надежда Винокурова, Дьокуускай олохтооҕо: «Сыана ыарахан даҕаны, кыралаан ыла сылдьабын. Мархалар сибинньэлэрин этин ылааччым уонна Кэбээйи балыгын».
Төһө да сыана үрдүгүн иһин бэйэ аһын атыылаһыан баҕалаах аҕыйаҕа суох. Онтон сотору кэминэн сыл сүрүн бырааһынньыгын - Саҥа Дьылы көрсө ырыынакка дьон кэлиитэ өссө эбиллиэ турдаҕа.