Ыччат дойдуга бэриниилээх буолуу киинэ арыллыа

58

Хаҥалас улууһуттан төрүттээх Сталкер позывнойдаах байыас бу күннэргэ дойдутугар  кылгас уоппускатыгар кэлэ сылдьар. Хорсун быһыытын иһин киниэхэ үрдүк наҕарааданы туттардылар.

Сталкер, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа: "Хас биирдии анал дьайыы кыттыылааҕа маннык наҕарааданы ылыахтарын наада дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн үгүс көмө оҥоһуллар. Дойдубут дьонун сылаас сыһыанын билэбит. Мин санаабар, биһиги өрөспүүбүлүкэбит ордук көмөлөһөр".

Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи форум түмүгүнэн улахан үлэ ыытыллыаҕа.  Дойду, өрөспүүбүлүкэ салалтата анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар эйэ туһугар туруулаһар уолаттарга улахан күүс-көмө, өйөбүл буоларын бары билэллэр уонна махтаналлар.

"Айсен, Сергеевич, биһиги Докучаевск куораппытыгар көмөҕүт иһин улаханнык махтанабыт", - диэн Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын сүбэһитэ Игорь Кимаковский улаханнык уйадыйан туран махталын биллэрдэ.

Бу ыытыллыбыт форум өссө биирдэ саха дьоно түмсүүлээхтэрин, дойду туһугар биир санаанан сомоҕолоһон көмөлөһөллөрүн биэргэттэ. Маны тэҥэ патриотическай иитии, дойдуга бэриниилээх буолуу үлэтэ күүскэ барарын.

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: "Биһиги оҕолорбутун, ыччаппытын, дьоммутун-сэргэбитин онно үөрэтиэхтээхпит даҕаны, үчүгэйдик билсиһиннэриэхтээхпит даҕаны. Бу сэриигэ Аҕа дойду сэриитигэр курдук бары түмсэммит кыайыыны аҕалыахпытын наада".

Форум чэрчитинэн бу күннэр устата араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыннылар. Пленарнай мунньахха саала толору. Сүрүннээн эдэр ыччат кэлбит, маннык форумнар ыытылаллара олус наадалаах, түмсүүлээх буоларбытын, патриотическай санааны бөҕөргөтөрүн  ыччат үллэстэр.

Ыччаты дойдуга бэриниилээх буоларга туһуланар үлэлэр тиһигин быспакка бараллар. Оскуолаҕа, үөрэх кыһаларыгар уруоктар, аһаҕас кэпсэтиилэр итиэннэ Россия Дьоруойдарын кытта көрсүһүүлэр ыытылаллар.

Филипп Евсеев, Россия Дьоруойа: "Ааспыкка оскуолаҕа сылдьан дойдуга бэриниилээх буолуу туһунан кэпсээбиппит. Оҕолор сэҥээрэллэр. Ыйытыылара элбэх".

Инникитин фашизмы утары форум үгэс быһыытынан сыл аайы ыытыллыаҕа. Оттон эһиил 2025 сылга бастакы патриотическай эдэр ыччат киинэ арыллан үлэлиэҕэ.