Устудьуоннар эт аһылыгы оҥорор сыах үлэлэтэллэр
Бу маннык күннэтэ Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар технолог идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар практикаларын бараллар. Былырыыҥҥыттан сыах аһыллан устудьуоннар үөрэнэллэригэр, идэ үөрүйэхтэригэр дьиҥ-чахчы сысталларыгар толору кыах баар буолбута. Бүлүү улууһуттан сылдьар технолог идэтин баһылыахтаах Павел Окоемов практикатын үгэнэ.
Павел Окоемов, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуона: "Практика барар дьон быһыытынан бастаан оҥорон таһаарыыга куттала суох буолуу ирдэбилин билсэбит. Онтон үлэлиир тэрилбитин үөрэтэбит. Онтон үлэлээбитинэн барабыт".
Икки сыллааҕыта техникум «Профессионалитет" диэн федеральнай куонкуруска кыттан бүтүн сүүс мөлүйүөн сууммалаах граан ылар чиэскэ тиксибитэ. Ол граан үбүнэн уонна өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн бу бөдөҥ бырайыак олоххо киирбитэ. "Профессионалитет" биир эппиэттээх хайысхатынан үөрэтэр-оҥорон таһаарар комплекстары тэрийии буолар. Манна кэтилиэт, тиэптэл, фрикаделька, пельмень арааһын, ыыһаммыт эт оҥоһуктары астаан таһаараллар. Барыта аныгы тэрил көмөтүнэн ас бэлэмнэнэр буолан үлэлииргэ судургу диэн устудьуоннар этэллэр.
Екатерина Иннокентьева, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуона: "Наһаа ыарахана суох, дьиҥэ чэпчэки. Сатыахха эрэ наада".
Сыах оҥорон таһаарар кыаҕа улахан. Уоспайа 20 мөлүйүөн сууммалаах тэрил таҥыллан турар. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир хааччыллыы баара бородууксуйа үрдүк хаачыстыбалаах буоларын мэктиэлиир. Полуфабрикаттары оҥорууга туох да эбиилиги туттубаттар. Билигин күннэтэ 50-чэ киилэ бородууксуйаны оҥороллор. Эт аһылыгы бэлэмнээн баран тута тоҥорон иһэллэр.
Наталья Филиппова, үөрэх уонна оҥорон таһаарар практика преподавателэ: "Сибиинньэ этин Марха пиэрмэтиттэн, ынах этин чааһынай дьонтон ылабыт. Бородууксуйабыт билигин бэйэбит киоскабытыгар атыылана турар".
Салгыы бородууксуйаларын олохтоох ас маҕаһыыннарыгар тарҕатар, ону тэҥэ халбаһы хас даҕаны көрүҥүн оҥорор соруктаахтар. Бүгүҥҥү күҥҥэ техникумҥа 90-тан тахса оҕо технолог идэтигэр үөрэнэ сылдьар. Манна устудьуоннар үөрэхтэриттэн тэйбэккэ эрэ, дьүөрэлии практика бараллар. Ол курдук кинилэр бэйэлэрин тутаах идэлэрин үөрэҕи тэҥэ толору баһылаан, сыстан, туһааннаах үөрүйэхтэри ылан үрдүк кылаастаах исписэлиис буола үүнэн тахсаллар.