Өлүөнэ күргэтин тирэх атахтарын оҥоруу тэтимнээхтик барар

49

Анал тиэхиньикэ көмөтүнэн сыбаайалар сир анныгар миэстэлэрин булаллар. Табаҕа эҥэр Өлүөнэ өрүһү туоруур күргэ тутуутун былаһааккатыгар үлэ үгэнэ. 30-ча тиэхиньикэ 50 тахса киһи билигин буурунан дьөлө үүттээн муоста атахтарын туруорар.

 

«Билигин Табаҕа өттүттэн муоста тирэх атахтарын оҥоруу үлэтэ барар. Ол курдук күн бүгүн уопсайа 10 миэтэрэттэн тахса дириҥҥэ 6 тирэҕи туруордулар», Ирена Осипова, корреспондент.

Мостаны тутар тирэхтэр хас да кыра сыбаайаҕа тайанан тураллар. Холобур, алтыска 32 баар. Онон үлэ барыта билигин сир аннынан барар. 10 миэтэрэ уһуннаах баараҕай сыбаайа түһүөхтээх сирин  тиэхиньикэ ирбэт тоҥу билиммэккэ холкутук эрийэн киирэр. Маннык ньыма өрүс анныгар тутууга табыгастаах. Бу кэннэ тимир каркастар түһэллэр уонна бетонунан кутуллаллар.

Михаил Акимов, "ВИС Строй" тэрилтэ оҥорон таһаарар техническэй салаатын салайааччыта: «Билигин бэйэбит бетон оҥорор собуоппут үлэлиир. Бэйэбит туппуппут, номнуо үлэҕэ киирэн күүскэ үлэлии турар. Туох баар туттар матырыйаалбыт барыта баар».

Бетон собуота эмиэ тутуу былаһааккатыгар чугастыы Табаҕаҕа турда. Манна билигин үлэ күөстүү оргуйар. Тустаах собуот биир чааска 60 кубометр бетон булкааһын оҥорон таһаарар. Матырыйаал сүрүн уратыта Саха сирин тыйыс тымныытын тулуйумтуо. Онон кыһыннары эмиэ үлэлиир кыахтаах. Бэлэм бетону тутатына тутар былаһааккаҕа тиэйэн аҕалан тирэхтэргэ куталлар.

Бу сыл бүтүөр диэри уопсайа 53 сыбаайа түһүөҕэ. Манна тустаах матырыйаал барыта кэлэн турар. Үлэ өрүс икки өттүттэн ыытыллар.

Николай Назаров, Өлүөнэ муостатын тутуу дирекциятын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: «Сыбаайа түһүүтүн түмүктээбит кэннэ котлован хаһыахпыт. Онно сыбаайа үөһэ өттө оҥоһуллар итиэннэ тирэх атахтар сир үрдүгэр саҕаланыыра. Онон муоста атахтара эһиил көстөр буолуохтара».

Бу сылга үлэ барыта сир анныгар оҥоһуллар, оттон аны саас үөһэ өттүгэр киириэхтэрэ. Оттон тутуу үлэтэ болдьох быһыытынан барар, томороон да тымныыларга тэтими ыһыктыбакка собуоттар үлэлиэхтэрэ.