Норуот сомоҕолоһуутун күнэ киэҥ далааһыннаахтык ааста
Үгэс быһытыынан Өксөкүүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саха сиригэр олорор национальнай түмсүүлэр бэйэлэрин култуураларын көрдөрөр, билиһиннэрэр кэнсиэр, быыстапка тэрийдилэр. Манна барыта 30-ча түмсүү көхтөөх кыттыыны ылла.
Бу күн норуоттар сомоҕолоһон, биир санаанан "Бары бииргэ - Кыайыыга" диэн аахсыйа ыыттылар.
Хас биирдии национальнай түмсүү анал байыаннай дьайыы кыттыыллааҕын дьиэ кэргэнин арыаллыаҕа, күүс-көмө өйөбүл буолуоҕа.
Ирина Стрекаловская, "Потомки государевых ямщиков" түмсүү салайааччыта: «Анал байыаннай дьайыыга сылдьар алта оҕолоох Олесов дьиэ кэргэнигэр бэлэх оҥордубут, сертификат туттардыбыт. Анал эпэрээссийэ бүтүөр диэри бу ыалы арыаллыыбыт. Кинилэр бэйэлэрэ эрэ дьиэлэригэр олорон хаалбаттарын туһугар общиналар күүс-көмө буолуохпут».
Бу күн Дьокуускай куоракка аан бастакытын "Билии.Бастакылар" сырдатар марафон ыытыллынна. Бу эдэр ыччат сайдарыгар, саҥа билиини, уопут атастаһарыгар кыаҕы биэрэр былаһаакка буолар. Манна лиэксийэлэр, аһаҕас кэпсэтиилэр, дойдуга бэриниилээх буолууга ананар көрсүһүүлэр ыытылыннылар. Марафоҥҥа барыта 2 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылла.
Александр Колесов, Россия Дьоруойа: «Кэнчээри ыччаттарбытыгар кэпсээн сырдатыахтаахпыт. Оҕолор кинилэр хорсун быһыыларынан киэн туттуохтаахтар. Кинөилэр курдук дойдуларын таптыырга үөрэниэхтээхтэр. Онон маннык көрсүһүүлэр буолаллара үчүгэй».
Саха уолаттара, хорсун быһыыларынан холобур буолаллар. Бу бэлиэ күн, Саха сирин байыастарын чиэстээтилэр, махтал тыллары эттилэр.
Саха сиригэр аан бастакытын Илиҥҥи байыаннай уокурук "Мы есть мы" ансаамбыла кэнсиэр тэрийдэ. Кэлбит дьон эр санаалаах буолуу уонна сомоҕолоһуу тыыннаах ырыалары иһиттилэр.
Надежда Индеева, Нам улууһун олохтооҕо: «Аан дойдуга барыбытын сомоҕолуур музыка. Онон бу сомоҕолоһуу кэнсиэригэр кэлэн олоробун».
Күн бүгүн Саха сиригэр сүүс отуттан тахса араас омук олорор, национальнай түмсүүлэр эйэ-дэмнээхтик үлэлииллэр. Арассыыйа норуота биир санаанан, бары түмсэн, сомоҕолоһон кыайыыга дьулуһар.