Модут эр дьоно муус ылыытыгар күргүөмүнэн таҕыстылар

53

Модуттар биир баар суох күтүөттэрэ хоту хоһуун уола Александр Егоров мууһун ыла тахсыбыт. Барыта илии үлэтинэн, мууһун анньыынан ылан, үлэтин үмүрүтэр уһугар тиийбит. Оттон кини олох даҕаны хаһан да, муус ылбатах киһи буолар. Манна Модукка кэлэн баран биирдэ үөрэммит уонна номнуо туттуута-хаптыыта үөрүйэх.

Александр Егоров, Модут нэһилиэгин олохтооҕо: "Бэйэм Орто халыматтан төрүттээхпин. Онон манна кэлэн үөрэммитим муус ыларга. Модукка олохсуйбутум уон сэттэ сыл буолла. Дойдубар күөл уутун иһэбит".

Өбүгэ саҕаттан саха дьоно төрөөбүт дойдуларын мэҥэ уутун – муус уутун иһэллэр. Бу үтүө дьарык, төрүт үгэс. Таһырдьа сир тоҥон, муус халыҥаатаҕына эр дьон күөллэргэ, үрэхтэргэ тахсаллар. Модут эбэтигэр бу күн Николай Софронеев доҕорунаан Алексейдыын дьиэ кэргэттэригэр ытык иэстэрин толоро, муус ыла тахсыбыттар. Номнуо 200-һү куоһарбыттар.

Николай Софронеев, Модут нэһилиэгин олохтооҕо: "Муус уута диэн саамай үчүгэй буоллаҕа. Астына-астына иһэбин".

Сылтан сыл аайы, муус ылыытын ньымалара тупсан, аныгы олох тэтимин кытары хардыылыыллар. Холобур, Модуттар сорох анньыынан хостуур эбит буоллаҕына, бу Николайдаах, Алексей муустарын кыптыый диэн бэйэлэрэ таҥан оҥорбут тэриллэринэн, мууһу ууттан таһаараллар эбит.

Алексей Катакинов, Модут нэһилиэгин олохтооҕо: "Манан мууһу кыбытан баран соһон таһаарабыт уонна илдьэн туруоран кээһэбит. Онон үтүлүк да инчэйбэт".

Дьэ, бу курдук үтүө үгэс умунуллубакка, бэйэ төрүт мэҥэ уутун, муус уутун ылыы үгэнэ. Муус халыҥа онно оруобуна сөп түбэһэр.

"Олохтоохтор бэлиэтииллэринэн, быйыл муус ылыыта эрдэлээбит. Былырыын сэтинньиттэн ылан саҕалаабыт буоллахтарына, быйыл алтынньы бүтэһигиттэн маассаба таҕыстылар", Анастасия Добрянцева, корреспондент.

Оттон муус уута киһи доруобуйатыгар туһалааҕын наука үлэһиттэрэ дакаастаан тураллар. Өбүгэлэрбит да ону билбиттии, хаар уутун буолбакка, мууһу ылан, күн бүгүҥҥэ диэри бу үтүө үгэс тиийэн кэллэҕэ.