Туризм эйгэтэ Саха сиригэр сайдар
Туймаада хочотун кэрэтэ, Табаҕа мыраанын ураты көстүүтэ барыта саҥа арыллыбыт ДоТуреЛе туристическай сиргэ арылхайдык көстөр. Дьиҥ дьон манна кэлэн, куорат сүпсүлгэниттэн сынньанан, айылҕалыын алтыһыан сөп.
Табаҕа мыраанын үрдүгэр тайаан сытар саҥа туристическай баазаны эдэр ыал Гаврильевтар судаарыстабаттан граан көмөтүнэн олоххо киллэрдилэр. Манна толору инфраструктурата киллэриллибит, саҥа суол астырыллыбыт, уопсайынан үлэ үтүмэнэ ыытыллыбыт.
Илья Гаврильев, тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ: «Предпринимательство министиэристибэтиттэн субсидия ыламмыт 5 модульнай дьиэ тутан саҕалаабыппыт. Сахабыт сирэ кэрэтэ оһуобай буоллаҕа, дьоммутун үөрдүөхпүт диэн кэтэһэбит».
Чахчы, номнуо бастакы ыалдьыттар кэлэннэр саҥа турбаазаны сыаналаабыттар. Ол төрүөтэ - сөптөөх усулуобуйа. Уу-хаар, тымныы-итии боппуруоһа.
Мария Матвеева, турбааза салайааччыта: «Бу дьиэ 12 киһиэхэ сөптөөх дьиэ. Улахан остуоллаах, телевизор баар уонна саамай сүрүнэ - сопкалар көстүүлэрэ. 6 киһи хоно хаалар усулуобуйата баар. Санузел иһирдьэ уонна таһырдьа».
Биллэн туран, олох иһирдьэ түҥ тыаҕа кэлбит дьоҥҥо, дьиэ толору хааччыллыылааҕа олус табыгастаах. Маныаха, ыалдьыттар бэйэлэрэ ас астаналларыгар анаан куукуна, оһох, чаанньык, иһит-хомуос барыта көрүллүбүт.
Дмитрий Титов, ыалдьыт: «Купол дьиэлэри туппуттар. Дьиэ сылаас, элбэх утуйар миэстэлээх».
Билигин тустаах сынньанар сир ыалдьыттарын көһүтэр. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу хайысха сайдарыгар 100-тэн тахса мөл. солкуобайы Саха сирэ судаарыстыбаттан ылары ситиһэн, бу Гаврильевтар дьиэ кэргэн курдук туризм эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттары өйөөтө.
Аркадий Ксенофонтов, СӨ "Туризм сайдыытын агенствота" генеральнай дириэктэрин солбуйааччы: «”Туризм уонна индустрия гостеприимства” диэн нацбырайыак чэрчитинэн граан кыайбыппыт. Онно 130 мөл. 21 урбаанньыттарга куонкурус тэрийбиппит».
Билигин кэлэр сылга бу хайысхаҕа, эмиэ саҥа бырайыактар олоххо киирэллэригэр киэҥ далааһыннах үлэ барар.