Саха сирин үгүс улуустарыгар хаһаайыстыбалар кыстыгы толору оттоох көрсөллөр

69

Быйыл кыстыкка киириигэ былааннаммыт от барыта кэриэтэ оттонно. Ол курдук Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 411 тыһ. тахса от оттонон, былаан 94 бырыһыана туолла. Үгүс улуустарга от хамапаанньата этэҥҥэ түмүктэнэн хаһаайыстыбалар кыстыгы толору оттоох көрсөллөр. Сиилэс, сенаж эмиэ былаанынан бэлэмнэннэ.

Александра Петрова, ТХМ сүөһү иитиитигэр департаменын сүрүннүүр исписэлииһэ: «От хаачыстыбатын Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ортонон сыаналаатыбыт. Бастаан от саҕана от хаачыстыбата үчүгэй этэ, оттон күһүөрү ардах түһэн кэккэ улуустарга от хаачыстыбата мөлтөөтө. Ардахха оттомут оту үчүгэйдик сахсатан, туустаан сүөһү айаҕар үчүгэйдик тиийэр гына».

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн 206 тыһыынчаттан тахса ынах-сүөһү, 244 тыһыынчаттантан тахса төбө сылгы баар. Ыанар ынах ахсаана 71 тыһыынчаттан тахса, оттон биэ ахсаана 21 тыһыынча кэриҥэ. Быйыл хороҕор муостаах төрүөҕэ этэҥҥэ, 58 аҥар тыһыынча ньирэй төрөөн турар. Сыспай сиэллээҕи ылар эбит буоллахха, саҥа төрүөх ахсаана 77 тыһыынчаттан тахсаҕа тэҥнэстэ. Сыллата үгэс быһыытыынан, идэһэ кэннэ ынах-сүөһү, сылгы ахсаана аҕыйыыра күүтүллэр. Оттон хаһаайыстыбаларга билигин үүттэрин көрдөрүүтэ эбиллэ турар.

Татьяна Иванова, "Туймаада" экоферма биригэдьиирэ: «Күҥҥэ 3 туонна үүтү ыаммыт Гормолзаводка туттарабыт. 9 ый түмүгүнэн 95% былааммытын толорон иһэбит. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, биир ынахтан 300 лиитэрэннэн элбэҕи ыыбыт».

Тулагы-Киллэмҥэ баар Туймаада экоферма 245 ыанар ынахтаах. Биир ынахтан күҥҥэ ортотунан 12 лиитирэ үүтү ыыллар. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үүттэрин көрдөрүүтэ ааспыт сыллардааҕар эбиллэн турар. Ол курдук биир ынахтан ыанар үүт 16 лиитирэнэн үрдээбит.

Александра Петрова, ТХМ сүөһү иитиитигэр департаменын сүрүннүүр исписэлииһэ: «СХПК-ларга, хаһаайыстыбаларга валовай үүт ыама былырыыҥҥыттан син үрдүк. Онтон биирдии ынахтан үүтэ 16 кг үрдүк былырыыҥҥытааҕар».

Улуустарга төһө да кыһалҕа баарын үрдүнэн күннээҕи тыа хаһаайыстыбатын уустук үлэтэ салҕанан барар.