Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суоллары тупсарыыга былааннаах үлэ ыытыллар
Саха сиригэр өр күүтүүлээх суоллартан биирдэстэрэ Амма суола. Манна аспааллааһын үлэтэ бу күһүҥҥүттэн саҕаламмыта. Аспаал бүрүйүүтэ Майа нэһилиэгиттэн Амма улууһун Чапчылҕаныгар диэри ууруллуоҕа. Уопсайа 159 км уһуннаах үлэ ыытыллара былааннанар, үлэ 2028 сылга түмүктэниэхтээх.
Степан Кузьмин, Амма улууһун баһылыга: «Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи Амма суолугар 1,7 км аспаал ууруллунна, онтон Амма улууһугар 7 км, Мэҥэ Хаҥаласка 3,7 км. Бу бырагыраама салҕанан барар. Номнуо Амма улууһугар 10 км хантараак баттаһыллан турар».
Маны тэҥэ суолга саҥардыы, өрөмүөн үлэтэ атын улуустарга эмиэ ситиһилээхтик барар. Чурапчы улууһугар 15 км Абалаах суола тутуута саҕаланна, маны таһынан ыраах сытар нэһилиэктэргэ үлэ эмиэ ыытыллар.
Степан Саргыдаев, Чурапчы улууһун баһылыга: «Тыа сирин кытыы нэһилиэктэригэр суоллааһын үлэтэ күүскэ бара турар. Холобура, Мыралалар суоллара номнуо иккис түһүмэҕэ тутулла турар. Эһиил Тааттаны уонна Чурапчыны холбуур суол үлэтэ кыахха киирдэ».
Дьокуускай куоракка куттала суох, хаачыстыбалаах айан суоллара национальнай бырайыак чэрчитинэн биэс сыл иһигэр 163 км. усталаах уулусса өрөмүөннэннэ, үлэ барыта 130 эбийиэккэ оҥоһуллунна.
Афанасий Александров, "Главстрой" тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы: «Быйыл уопсайынан 31,5 км оҥоһулунна. Сүрүн эбийиэкпит Можайского буолар. Аэропортан Марха стелатыгар дылы».
Саха сиригэр “Куттала суох, хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн бэһис сылын ситиһилээхтик үлэлиир. Бу биэс сыл иһигэр 2,5 тыһ. тахса км нарматыыпка эппиэттиир суол оҥоһулунна, ол иһигэр 795 км. бэдэрээлинэй суолларга, 1224 км. эрэгийиэннээҕи суолларга, 400-чэкэ км олохтоох суолларга, ону таһынан киин куорат уулуссалларыгар үлэ барда. Маны таһынан муосталарга саҥардыы үлэтэ эмиэ барар.
Анатолий Потапов, СӨ транспорт уонна суол-иис хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы: «Улахан өйөбүлү ылабыт. Ол курдук 2019 сылга 400-тэн тахса мөл. ылар буоллахпытына, билигин 4 млрд. тахса үбү-харчыны ылабыт. Биһиги сүрүн хайысхабыт – опорнай суол ситимнэрэ: Өлүөнэ, Бүлүү, Халыма, Умнас, Нам, Мухтуйа».
Инникитин, 2025-2028 сылларга "Инфраструктура для жизни" диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ сүрүннэнэн барыаҕа. Саҥа сүүрээҥҥэ Алдан, Нүөрүнгүрү, Миринэй, Лиэнскэй куораттара хабыллыахтара.