Мүөттээх ыҥырыаны иитии Саха сиригэр сайдар
Саха сиригэр номнуо бэйэтин минньигэс бородууксуйатынан аатын ааттаппыт, Нам улууһун биир тарбахха баттанар, мүөттээх ыҥырыаны тутар хаһаайыстыба салайааччыта Семен Попов кыстыкка олоччу киирдэ. Билигин ыҥырыалар, аналлаах кыһыны туоруур дьиэҕэ киллэриллэн, сааскыга диэри манна туруохтара. Уопсайа 130-ча ыҥырыа дьиэ кэргэнэ кыстыкка киирдэ.
Семён Попов, "Барылас" хаһаайыстыба салайааччыта: «Ыҥырыалар кыһын устата утуйбаттар, кинилэр олороллор. Сайын устата муспут мүөттэрин хаһааналлар уонна кыһын устата онтукаларын сиэн кыстыгы туорууллар. Билэргит курдук, Хатырык нэһилиэгэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбитэ, мин даҕаны туора турбатаҕым, 24 уйам ууга былдьаммыта. Эмсэҕэлээбит курдук Минсельхоз өттүттэн көмө баар буолуо диэн эрэнэбин».
Кэлиҥҥи кэмҥэ, тустаах министиэристибэ ыҥырыаны иитэччилэргэ улахан болҕомтотун уурар. Ол курдук, быйыл Семен Иванович 2 сыллааҕыта граан көмөтүнэн ылбыт тыраахтарыгар саҥа гараас туттубут. Оттон бу тутуу хаһаайыстыбалаахтарга улахан суолталаах буолар.
Семён Попов, "Барылас" хаһаайыстыба салайааччыта: «Гараас тутуннум. Минсельхоз уонна агрохолдинг “Туймаада” көмөтүнэн МТЗ тыраахтыр ылбытым. Бааһына ыһынан эмтээх сибэккилэри үүннэрэн киһи доруобуйатыгар туһалаах мүөт оҥорор былааным олоххо киирэн эрэр».
Онон сотору кэминэн Саха сирин эмтээх сибэккилэрин сүмэһиниттэн тахсыбыт мүөтү Саха сирин олохтоохторо амсайыахтара диэн Семен Попов инники былаанын, сахалыы сэмэйдик кэпсиир. Манна даҕатан этэр буолахха, 10 сыл иһигэр бу көрүҥ хаһаайыстыбалаахтар үксээбиттэр. Билигин аҥардас 881 бааһынай хаһаайыстыбаҕа уонна 300-кэ кэтэх хаһаайыстыбалар мүөттээх ыҥырыалары туталлар.
Виталий Бессонов, СӨ ТХМ сүөһү иитиитин салаатын, племенной үлэни, кэпэрээссийэни уонна бааһынай хамсааһыны сайыннарыыга департаменын салайааччы эбээһинэһин толорооччу: «Кэнники сылларга хабааннаахтык күүскэ баран эрэр. Ол курдук, дьон бэйэтин кыаҕынан ылар дьоннор бааллар. Ону таһынан, граан көмөтүнэн эмиэ туһаналлар. Биһиэхэ “Агростартап” диэн көмө баар. Кэнники сылларга 6 киһи ити көмөнөн туһаммыта. Быйыл биир хаһаайыстыба сайаапкатын биэрэн турар. Арассыыйа үрдүнэн биһи мүөппүт биллэн турар. Тоҕо диэтэххэ, сайыммыт кылгас буолан, үүнээйи үүнэр кэмэ кылгас буолан сүрдээх үчүгэй хаачыстыбалаах мүөт тахсар».
Тустаах министиэристибэ бу көрүҥ хаһаайыстыбаларга Ил Дархан 232 №-дээх ыйааҕар олоҕуран, мүөтү оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүн улаатыннаран, бу хайысхаҕа киэҥ, далааһыннаах үлэни ыытар.