Дьокуускайга "Өрөспүүбүлүкэбит ювелирнай династиялара" диэн ураты быыстапка аһылынна
Саха сирин ювелирнай династиялара. Бу дьон дьүүлүгэр аан бастакытын турар ураты быыстапка. Манна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ювелирнай искусствонан дьарыктанар дьиэ кэргэттэр үлэлэрэ турдулар. Уус Алдан Тандатыттан төрүттээх бииргэ төрөөбүт Заболоцкайдар алтыа буолан отучча сыллааҕыта тэрилтэ арынан үлэлэрин саҕалаабыттара.
Александр Заболоцкай, ювелирнай фирманы төрүттээччи: «Билигин 25 киһи үлэлиир, собуот тэринэн. Сүрүн худуоһунньук Екатерина Ивановна бииргэ төрөөбүт эдьиийим. Кини бу дизайнынан оҥоһуллубут үлэлэр тураллар».
Бу идэҕэ дьаныардаах, тулуурдаах, бэйэлэрин идэлэригэр ис-хаан бэриниилээх, айылҕаттан анал дьоҕур бэриллибит дьоно ордук кыайа-хото сыстан үлэлииллэр. Заболоцкайдар династиялара мамонт муоһуттан, күндү таастартан эриэккэс ювелирнай айымньылары айан-чочуйан таһаараллар.
Екатерина Яковлева, ювелирнай фирма худуоһунньук-дизайнера: «Биһи сүрүн сыалбыт диэн саха култууратын, үгэһин тутуһан бэйэбит омукпут туспатын көрдөрө сатыыбыт».
Быыстапкаҕа ааспыт үйэ 70-с сылларыттан күн бүгүнүгэр диэри ювелирдар көлүөнэлэрин айар суолларын, сайдыыларын кытта сиһилии билисэххэ сөп. Заболоцкайдар, Егоровтар, Ивановтар, Алексеевтар, Осиповтар дьиэ кэргэн Саха сирин ювелирнай искусствотын киэҥ эйгэҕэ таһааран, ааттатан, айымньылаахтык айа-тута сылдьаллар.
Александра Неустроева, "Саха сирин ювелирнай династиялара" быыстапка куратора: «Быыстапка сыала соруга – Саха сиригэр ювелирдар дьиэ кэргэнинэн иитиллэн үөрэтэн тахсаннар Саха сирин Арассыыйаҕа аатырда сылдаллар диэн».
Манна киһи сөҕө-махтайа көрөр ювелирнай кирэргэллэрин, оҥоһуктарын көрүөххэ сөп. Осиповтар династияларын аҕалара Василий Осипов ааспыт үйэ 60-с сылларттан саҕалаабыт, кини уолаттара, сиэттэрэ кини туйаҕын хатаран бары ювелирдар. Сиэнэ Григорий кэргэнинээн Татьяналыын ювелирнай мастарскыайдаахтар.
Татьяна Осипова, ювелирнай мастарскыай салайааччыта: «Мастарыскыайбытын улаатыннарыа этибит. Кэҥэтэн эбии үлэһит ылыа этибит уонна эдэр оҕолору, устудьуоннары 3D-га үөрэтиэххэ сөп».
Саха уустарын түҥ былыргыттан аныгы үйэҕэ диэри сүппэккэ-симэлийбэккэ тиийэн кэлбит төрүт сатабыллара билиҥҥи аныгы ювелирнай искусство тулахадыйбат укулаатыгар кубулуйбута үөрдэр. Быыстапка Саха сирин Сокровищницатын саалатыгар сэтинньи 8 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.