Саха сирин хирурдара саҥа ньыманан уустук эпэрээссийэни оҥордулар
Сүрэх-тымыр ыарыытын эмтээһиҥҥэ өссө биир улахан кыайыы. Олохтоох хирургтар киин сиртэн кэлбит исписэлиис ыйан-кэрдэн биэриитинэн сүрэх хорук тымырыгар уустук эпэрээссийэни оҥороллор. Ыарыһах хас да сиринэн тымыра кыарааһыннаах. Эрдэ маннык диагнозтаах киһини атын региоҥҥа эпэрээссийэҕэ ыыталлара. Оттон билигин быраастар Ротаблатор диэн саҥа оборуудабанньанан ыраастыыллар.
Дыгын Попов, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа лучевой диагностика салаатын салайааччы: «Биһиэхэ саҥа инструмент кэллэ Ротаблатор диэн. Биһи проводник нөҥүө киирэммит кыараабыт сосудка таастыйбыт бляшкалары бури гынан көннөрөбүт».
Ротаблатор диэн төбөтүгэр алмаас кыырпахтара бүрүөһүннээх буур. Бу үнүстүрүмүөн тымыр таастыйбыт сирдэрин үлүтүрүтэн, кэҥэтэр. Бу ньыма рентген-хирургия салаатыгар оҥоһуллар. Онон атах тымырынан киирбит тэрили экраҥҥа көрөн туран хамсаталлар. Маннык ньыма хурург кыаҕын өссө кэҥэтэр, быдан түргэнник уонна киһи доруобуйатыгар улахан охсуута суох ааһар.
Владимир Докунаев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа рентгенхирургия салаатын сэбиэдиссэйэ: «Очень трудная операция, потому что там идет критический стеноз проксимального отдела правой коронарной артерии и не один инструмент не проходил».
Экраҥҥа бүөлэнэ сылдьыбыт сирдэри ыраастаабыт кэннэ хаан эргиирэ тута тупсара көстөр. Бу кэннэ кыһалҕалаах сиргэ стенд туруорараллар. ыарыһах бу кэмҥэ толору норкуостаммат, туһааннаах сири эрэ утуталлар.
Бастакы киһи тымырын кэҥэтии этэҥҥэ ааста. Саха хирургтара тымыр сүрэх ыарыытын кыайа тутууга өссө кыахтара билиилэрэ хаҥаата. Уопсайынан Саха сиригэр бу көрүҥ ыарыы олус элбэх. Аҥаардас өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһаҕа сылга ортотунан 2 тыһыынчаттан тахса киһи эмтэнэр. Мантан 40 бырыаһыаннарыгар тымыр кыарааһына баар. Онон саҥа ньыма инфаркт курдук ыарахан ыарыы итиэннэ өлүү ахсаанын аччатыахтаах.
Надежда Петрова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы: «Билигин элбэх баҕайы киһини кардиохирургическай эпэрээссийэлэргэ, холобура, аортакоронарное шунтирование оҥороору Новосибирскайга, Хабаровскайга ыытар буоллахпытына, билигин онтон балачча элбэх быраһыан ыарыһах номнуо манна биһи истиэнэбитигэр рентген-хирурдарбытыгар отделение неотложной кардиологии көмө ылар».
Саҥа көрүҥ эпэрээссийэни өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһа хирургтара олоххо аа-дьуо киллэриэхтэрэ. Онуоха туһааннаах оборуудабанньанан, тутар тэрилинэн хааччылынна. Быраастар сөптөөх үөрэҕи толору аастылар.