Нам Хатырыгар байыаннай дьайыы байыастарыгар көмөлөһөр сыаллаах аахсыйа ыытылынна
Хатырык харысхаллара анал байыаннай дьайыыга сотору кэминэн тиийиэхтэрэ. Улуус көҕүлээһининэн, олохтоох "Кырадаһын" уран тарбахтаахтар түмсүүлэрэ өйөөннөр, байыастарбытын араҥаччылыыр -харыстыыр сыаллаах аахсыйа Нам Хатырыгар ыытылынна.
Ульяна Наумова, "Сайдам" норуот айымньытын дьиэтин методиһа: «Харысхаллаах мөһөөччүктэри байыастарбытыгар бэлэмнии сылдьаллар. Онно биһиги “Сайдам” сынньалаҥ киин кыргыттара көмөлөһөн ыытаары олоробут».
Маны таһынан Хатырык кэрэ аҥардара быар куустан олорбокко, өссө да атын көмөнөн байыастарбытыгар көмөлөһө олороллор. Бэрт соторутааҕыта хаххалыыр сиэккэни өрөн ыыппыттара.
Бүөлүүр-харыстыыр сиэккэлэр Өрөспүүбүлүкэ бары муннугар өрүллэллэр. Онтон саамай тутаах сир - киин куоракка баар "Саха сирэ, эйигинниин" уопсастбыннай хамсааһын. Манна дьэ, үлэ күөстуу оргуйар. Мэдиссиинэ кэллиэһин устудьуона, сурэҕин баҕатынан волонтер Алексей Никифоров туора турбакка сиэккэ өрөр.
Алексей Никифоров, волонтёр: «Биһиги Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин волонтердара хас нэдиэлэ аайы "Саха сирэ, эйигинниин" хамсааһыҥҥа кэлэн көмөлөһөбүт».
Маны тэҥэ, Хатырык кэрэ куоларын курдук мөһөөччүк-харысхаллары, киин куорат волонтердара боҕуруускай оттоон оҥороллор. Эмиэ бу барыта анал байыаннай дьайыы миэстэтигэр тиийиэҕэ. Ким эрэ сиэккэ, ким эрэ харысхаллары, чумэчилэри оҥорор эбит буоллаҕына, манна биир бас-көс миэстэни иистэнньэҥнэр ылаллар.
Ис сурэҕиттэн, бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар Марта Винокурова манна СВО саҕаланыаҕыттан көмөлөһөр. Эмиэ сүрэх баҕатынан, уолаттар тустарыгар, кыайыы туһугар - үлэ үөһүгэр сылдьар.
Марта Винокурова, волонтёр: «Байыаннай дьайыы буолбут кэмигэр биһиги сыахпыт 20 тыһ. тахса таҥас тэрил тиктэ. Бу алтынньы ыйга тикпит ахсааммыт – 1080».
Бу курдук, улахан суолталаах үлэни, тустаах ыстаап волонтердара оҥоро сылдьаллар. Билигин дьыл кэмин тутуһан халыҥ таҥас-сап тигиитигэр уонна сиэккэни таҥыыга буһаллар-хаталлар.
Надежда Иванова, волонтёр: «Айылҕа уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн. Кыһыҥҥы өҥнөөхтөрү оҥоро сатыыбыт. Элбэх матырыйаал барар уонна бүтэн иһэр».
Волонтердар Саха сирин амарах сүрэхтээх дьонун, туора турбакка, ким туох кыахтааҕынан, чуолаан, матырыйаал атыылаһыытыгар көмөҕө ыҥыраллар.