Оҕуруот аһыгар сыана хайдах халбаҥныыр?
Сыл ахсын Хомсомуол болуоссатыгар күһүн хойукка диэри баолааккаларынан, массыыналарынан олохтоох оҕуруот аһын атыыта тэриллэр. Манна биирдиилээн хаһаайыстыбалар, чааһынай эргиэмсиктэр, атыыһыттар сүрүннээн улуустартан уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэртэн кэлэн хортуоппуй, хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп, биэрэс атыылыыр кыахтаахтар.
Гасен Бабаев, оҕуруот аһын атыылааччы: "Быйыл үүнүү олус үчүгэй. Бары көрүҥ өлгөм үүнүүнү биэрдэ".
Үгүс хаһаайыстыбалар этэллэринэн, быйыл үүнүү үчүгэй буолан атыы-тутуу балаҕан ыйыттан көхтөөхтүк барар. Холобур, Марха хаһаайыстыбатын бородууксуйата чуолаан хаппыыстата барыта атыыга хамаҕатык баран, билигин аҕыйах хаалбыт оҕуруот аһын араас көрүҥүн батараллар. Халлаан биллэ тоҥорон хаппыыстаны тууһааһын номнуо саҕаланан, хаппыыста атыыта үчүгэй.
Сергей Спиридонов, хаппыыста атыылааччы: "Хаппыыстабыт үлүйбэтин диэн оһох холбуубут. Дөрүн-дөрүн түгэхтээҕи хаппыстаны эмиэ ититэбит".
Хаппыыста Уус Алдан Суоттутуттан кэлбит. Хортуоппуй, хаппыыста, моркуоп сүрүннээн Хатаһы тэҥэ, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам улуустарыттан кэлбит. Чуолаан хаппыыста "слава" суордун киилэтин 50 солкуобай диэн быспыттар, хортуоппуй 80 солкуобайга турар, онтон моркуоп, сүбүөкүлэ киилэтэ 100 солкуобайга тэҥнэһэр. Бэлиэтээн эттэххэ, былырыын моркуоп, сүбүөкүлэ 80 солкуобайга атыыламмыта. Дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр "Эм" хаһаайыстыбата быйыл эмиэ үчүгэй үүнүүлээх, хаппыысталарын сыанатын сыллата биири тутабыт диэн этэллэр.
Маргарита Эм, оҕуруот аһын хаһаайыстыбатын бэрэстэбиитэлэ: "Сыл аайы сыанабыт 50 солкуобай. Кыһын буолла, онон батара охсуохха наада. Онон сыана түһэр. Билигин ордук хаппыыстаны дьон хото атыылаһар".
Онон манна кэлэн амсайарга, тууһуурга, хаһаанарга олохтоох оҕуруот хото атыылаһыаха сөп. Хомсомуол болуоссатыгар атыы-тутуу халлаан туругуттан көрөн сэтинньи маҥнайгы күнүгэр диэри турара күүтүллэр. Онон хаалбыт нэдиэлэ курдук кэмҥэ ким наадыйарын ылынан, кыстыкка толору хаһаастаах үктэниэҕэ.