Нам улууһун Хатырыгар саҥа тутуу
Хаптаһын маһы көннөрөрдүү устуруустаан, үлэ күөстүү оргуйар. Быйыл ууга 100% олорчу барбыт Нам улууһун Хатырыгар сана эбийиэк дьэндэттиллэр. Эбийиэк улахан социальнай суолталаах - бааһаарынай депо. Күн бүгүн дьиэ көҥдөйө олорчу турбут.
Саҥа эбийиэк 260 кв миэтэрэ иэннээх уонна икки мэндиэмэннээх буолуоҕа. Маны сэргэ икки улахан баһаарынай массыына киирэр гарааһа баар. Былаан быһыытынан үлэҕэ сэтинньигэ киириэхтээх.
Чахчы, киирии болдьоҕо чугаһаан эрэр, онон тутааччы уолаттар сып-сап хамсаналлар. Ирдэбил быһыытынан, депоҕа хайаан даҕаны баһаарынай тиэхиньикэ турар сирэ баар буолуохтаах. Устар бөлөх үлэлиир кэмигэр, оруобуна аан туруоруллуутун үлэлэрэ ыытыллыннылар. Аныгы үйэ хаамыытынан манна бэйэтэ, автомат нөҥүө арыллар аанынан, тимир көлөнү сүүрдэн таһаарыахтара.
Михаил Гуляев, тутар тэрилтэ салайааччыта: "Мин үбүлээччи быһыытынан тута сылдьабын. Бэйэм үппэр тутабын, онтон судаарыстыбаҕа биэриэхтээхпин. Атырдьах ыйыттан тутан саҕалаабыппыт. Туох баар көҥүлү ылан олоробун. Гаастааһын эрэ хаалла".
Саҥа депо тимир уһаарыыга 150-наах сип панелларынан дьэндэтиллибит, муостата бетонунан кутуллубут диэн тутааччыллар чопчулууллар. Манна даҕатан эттэххэ, тустаах нэһилиэккэ баһаарынай чаас 1999 сыллаахха тэриллибит. Билигин бу 2 №-дээх кыра нэһилиэнньэлэргэ аналлаах баһаарынай чаас үс сэлиэнньэни хонтуруолга тутар, маныаха кыһыҥҥы кэмҥэ өссө икки дэриэбинэ эбиллэн биэрэр.Онон бу чаас үлэтин ыыра киэҥ.
Алексей Шадрин, Хатырыктааҕы аҕыйах ахсааннаах 2№-дээх баһаарынай чаас быстах кэмҥэ салайааччытын солбуйааччы: "Үс нэһилиэги хабан олоробут: Хатырыгы, Маймаҕаны уонна Түбэни. Кыһыҥҥы бириэмэҕэ Көбөкөн уонна Арбын эбиллэр".
Ыраах сытар нэһилиэктэргэ баһаары утары сулууспа үлэтэ икки бүк эппиэтинэстээх. Онон манна улахан болҕомто ууруллар. Саҥа деполар тутуллаллар. Тиэхиньикэ ылыллар. Манна чопчулаан эттэххэ, билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 153 баһаарынай чаас үлэлээн, 232 нэһилиэнньэлээх пууннары хонтуруолга тутар.