Сэрэниҥ, чараас муус!

117

Кангалаас бөһүөлэгин аттыгар балыксыт ууга түспүтүн быыһыыр түгэнэ социальнай ситимнэргэ киэҥник тарҕанна. Бу курдук дьон бэйэ олоҕун кэрэйбэккэ өссө да тура илик мууска тахсар.

203 дьоҕус түөлбэ эргин эмиэ толору балыксыт. Буур тута-тута хаампыт киһи үгүс. Оттон бу кэмҥэ чараас муус анныгар түһэр улахан куттал үөскүүр.Дьоҕус суудуналарга судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр мууска тахсар билигин булгуччу бобуулааҕын иһитиннэрэр. Маныаха бу кылгас кэм иһигэр номнуо хас да ууга түһүү түбэлтэтэ бэлиэтэммит.

Майя Алексеева,  СӨ ЫБММ сүрүннүүр салалтатын  дьон ууга куттал суох буолуутун хааччыйар салаатын салайааччыта: “Хомойуох иһин, Орто Халыма улууһугар кэргэнниилэр ууга былдьаннылар. Бу өрөбүллэргэ Уус Майа оройуонугар үс тыы мууска хаайтаран, көмөҕө ыҥыран улуус киинигэр тириэрдиллибиттэрэ. Ону сэргэ Канаглааска балыксыт муус анныгар түспүтүнө аттыгар дьон баар буолан быһаатылар. Бүлүү улууһугар салгын олбохтоох аал түҥнэстэн икки киһи балыыһаҕа сыталлар”.

Тустаах иниспиэксийэ үлэһиттэрэ күннэтэ нэһилиэнньэҕэ сэрэтэр-өйдөтөр үлэни ыыталлар. Уу эбийиэктэрин аттыгар ааһар дьоҥҥо быраабыланы билиһиннэрэллэр, сиһилии быһаараллар. Ордук болҕомто оҕолорго ууруллар.

Бу курдк иниспиэктэрдэр биир-биир кэрийэ сылдьан буклеттары түҥэтэллэр. "Сэрэниҥ, чараас муус аахсыйа" сыллата бу саамай кутталлаах кэмҥэ ыытыллар.

Александр Орлов, ЫБММ Саха сиринээҕи салалтатын Дьокуускайдааҕы 2-с -дээх салаатын салайааччыта: “Бу өрөбүллэргэ күөллэр, өрүстэр чараас мууһунан бүрүлүннүлэр. Дьон муус уйар дии саныыллар. Билигин саамай сэрэхтээх кэм, онон олох мууска киирэр бобуллар”.

 Онон уу эбийиэктэригэр ордук сэрэхтээхтик сылдьар ирдэнэр. Бу кэмҥэ муус киһи олоҕун курдук кэбирэх буоларын умнуман.