Саха учуонайдарын ситиһиитэ
Саха учуонайдарын саҥа арыйыыта сотору кэминэн киэҥ туһаныыга тахсаары бүтэһик чинчийиини ааһар. Ол курдук сылгыга уонна табаҕа кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар эбии аһылык оҥоһулунна. Састаабыгар сунтаар цеолита, тууһа итиэннэ эбиэс киирбит. Өссө иҥэмтиэлээх буоллун диэн институт сахабактисубтил диэн пробиотыга туһаныллыбыт. Маны сэргэ гельминтология лабораторията сылгы, таба иһигэр үөскүүр үөнү түһэрэр эми саҥа эбиилиги кытта дьүөрэлиир.
Людмила Коколова, СӨ ТХНЧИ гельминтология лабораториятын сэбиэдиссэйэ, бэтэринээринэй наука доктора: "Хааччахха хаайан баран укуоллуу сатаабаккын. Айахтарынан сии сылдьар эбииликтэригэр кутабыт. Онон туох да ыгылыйыыта суох үөннэрэ түһэр".
Учуонайдар саҥа оҥорон таһаарыылара номнуо "Көмүс күһүн" диэн тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар кыһыл көмүс мэтээли ылан кэллэ. Бу дьаарбаҥкаҕа Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр института быйыл уопсайа 16 мэтээли ылла, мантан 13 кыһыл көмүс. Маннык үрдүк көрдөрүү тэрилтэ историятыгар бастакы.
Ньургустаана Алексеева, СӨ ТХНЧИ учуонай сэкирэтээрэ, т.х.н.к.: "Аҥаардас биир куонкуруска 300 тахса сайаапка киирэр. Ол иһигэр биһиги институппут 16 сайаапканы биэрэн 16 мэтээли ылан кэлбитэ улахан ситиһии. Бу үрдүк көрдөрүү”.
Саамай элбэх мэтээли сүөһү аһылыгын оҥорор уонна отонноох култуура лабораторията аҕалла. Сыалай 7 кыһыл көмүс мэтээли киэн тутта ууран тураллар. Бу киэҥ хамаанда элбэх сыллаах үлэтин түмүгэ. Учуонайдар Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар табан үүнэр элбэх сыллаах уонна биир сыллаах сиилэс оҥорор оттору үүннэрэллэр. Ону таһынан ходуһа туругун тупсарыыга үгүс үлэни ыыталлар.
Елена Пестерева, СӨ ТХНЧИ сүөһү аһылыгын оҥорор уонна отонноох култуура лабораториятын сэбиэдиссэйэ, т.х.н.к.: "Наука саҥа арыйыыларын номнуо хаһаайыстыбаларга үлэҕэ киллэрэммит кыайыыны ситистибит. Амаран уонна подсолнечник отторго эмиэ мэтээл ыллыбыт".
Оттон бу лаборатория иһигэр аан дойдуга суох вакциналар оҥоһуллан тахсаллар. Саха сирин ветеринариятын наукатын бүтэһик ситиһиитэ хабарҕаһыт ыарыы уонна кээһии утары быһыы. Ирбэт тоҥтон көстүбүт иммунитеты бөҕөргөтөр бактерия эбииликтээх.
Евдокия Эльбядова, СӨ ТХНЧИ ветеринарнай биотехнология лабораториятын научнай сотруднига: "Сылгы сыстыганнаах ыарыытыттан быһыы диэн бырайыагынан кыттан кэллибит. Онно икки быһыыны көрдөрдүбүт. Хабарҕаһыт уонна кээһии утары быһыыларбыт Арассыыйаҕа бигэргэмиит быһыылар буоллаллар. Оҥорон таһарыыга тахсыбыттара ".
Маны тэҥэ институт тэрийбит норуоттар икки арыдларынааҕы конференциялар эмиэ көмүс мэтээли ылары ситистилэр. Итини таһынан науканы сэҥээрээччилэргэ, устудьуоннарга анаан таҥыллыбыт ыйынньыктар.