Николай Курилов 75 сааһын туолла

85

Сахабыт сиригэр Николай Куриловы, ини-бии Куриловтары билбэт киһи диэн бука аҕыйах буолуо. Дьүкээгир норуотуттан бастакы худуоһуонньук,  поэт, прозаик Николай Николаевич быйыл 75 сааһын томточчу туолла. Платон Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр кини үбүлүөйүгэр анаммыт көрсүһүүгэ биир дойдулаахтара, учуонайдар, суруйааччылар, төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттар түмсүүлэрин салайааччылара муһуннулар.

Августа Марфусалова, СӨ общественнай палататын чилиэнэ: "Николай Николаевич бары өттүнэн талааннаах. Бастаан кини уруһуйдьут этэ. Онтон хоһоонньут, онтон арааһынай кылгас эссе курдуктары суруйарынан биллибитэ".

Алараа Халыма улууһун Андрюшкино нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Ини-бии Куриловтар бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах дьон буола үүнэн бэйэлэрин дьүкээгир норуотарын аар-саарга аатырдыбыттара. Кыра уол Николай оҕо суруйааччытын, хоһоонньут, худуоһунньук, прозаик быһыытынан киэҥник билибитэ. Николай Николаевич дьүкээгир тылын үөрэтиигэ, кэнэҕэски ыччакка тарҕатыыга сүҥкэн өҥөлөөх. Кини ураты үөрэтэр көмө кинигэ таҥан хоту оскуолалар төрүт тылларын умнубаттарыгар, салгыы сайыннаралларыгар кыах биэрбитэ.

Розалия Горохова, Дьокуускайдааҕы 26-дээх оскуола социальнай педагога: "Тылы тарҕатыыга Николай Николаевич Курилов өҥөтө олус улахан. Маннык тыл баар, дьүкээгир омуга баар диэн биллибитэ. Онон киниэхэ улаханнык махтанабыт. Кытаанах доруобуйаны, айымньылаах үлэни баҕарабыт".

Николай Николаевич төһө даҕаны 75 сааһын туоллар айар үлэ үөһүгэр сылдьар. Ырааҕы-киэҥи торумнаабаппын, күннээҕи соруктарбын ситиһэн үлэлиибин-хамныыбын диэн санаатын үллэстэр.

Николай Курилов, СӨ искусствотын үтөлээх деятелэ, суруйааччы, поэт, суруналыыс: "Былаан оҥостубаппыт. Сүрүнэ үлэлээн иһиэххэ наада. Миэхэ үлэлиир хайысхам киэҥ. Ол иһин иллэҥэ суохпун. Наар суруналыыс быһыытынан сһһрэ-көтө сылдьабын. Ол иһин эдэрбин".

Николай Николаевич уруһуйдуур, ойуулуур-дьүһүннүүр дьоҕурун ыһыктыбакка, үлэлэрин бар дьоҥҥо туруорар. Ол курдук кини ураты, хотугу сир кэрэтин хоһуйар хартыыналарын быыстапката национальнай уус-уран музейга сэтинньи бүтүүтүгэр дири туруоҕа.