Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ болҕомто сыллата улаатар
Ийэ улаатан эрэр кыыһыгар иис кистэлэҥин үллэстэр. Елена Олесова элбэх оҕолоох, кини түөрт кыталык кыыстаах. Оттон Анжелина улаханнара. Ийэ бэйэтин дьоҕурун, билиитин олус тиийимтиэтик кыыһыгар быһаарар. Оттон инникитин дизайнер идэтин баһылыан баҕалаах кыыс барытын болҕойон истэр.
Елена Олесова, элбэх оҕолоох ийэ: «Кыргыттарым бары творческайдар, уруһуйдуулларын, ыллыылларын сөбүлүүллэр. ДШИга бары үөрэнэллэр, улахан кыыһым художественнайы бүтэрбитэ, дизайнер идэтин баһылыыр баҕалаах. Онон миэхэ үөрэниэххин наада диэммин ыҥырбытым».
Мээрэйи ылыы кэннэ аны суот-учуот саҕаланар. Бу ымпыгы-чымпыгы Анжелина саамай чугас киһититтэн - ийэтиттэн ылынар. Елена ийэ киһи быһыытынан оҕотун баҕа санаата туоларыгар, сөбүлүүр идэтин баһылыырыгар чэпкчэки буоллун диэн аны мантан ыла туттарсыар диэри дьарыктанар буолуохтара.
Анжелина Олесова: «Ийэм биһигитини 4 сааспытыттан инньэни тутарга үөрэппитэ. Биһигитини сыал туруорунарга үөрэппитэ. Мин ийэм курдук ситииһэлэри баҕарабын».
Кыргыттарыгар холобур буолар эдэр ситиһиилээх ийэ Елена Олесова иис дьоҕус сыаҕын үлэлэппитэ быйыл 6 сыл буолла. Бу сыллар тухары үгүс кэрэ аҥаары таҥас тигэр сатабылга үөрэттэ. Кини сатаан иннэни да туппат киһиэхэ иис кистэлэҥнэрин арыйан хас биирдии киһиэхэ дьоҕурун аһар ураты күүстээх.
Елена Олесова, элбэх оҕолоох ийэ: «Иис оскуолатын арыйбытым социальнай хантараак көмөтүнэн. Иистэнэр массыыналарбын барытын хантараагынан ылбытым. Номнуо тыһыынчаттан тахса кэрэ аҥардары иис эйгэтигэр угуйдум».
Социальнай хантараак "Демография" национальнай бырайыак иитинэн үлэлиир. Бу өйөбүл көмөтүнэн Саха сиригэр 6 сыл иһигэр 30 тыһыынчаттан тахса ыал бэйэ дьыалатын арынна. Оттон күн бүгүн Саха сиригэр 34 тыһыынча элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баар. Кинилэргэ сыллата олохтоох өйөбүл элбиир. Олортон биир саамай тутаахтара коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр чэпчэтии.
Марта Жиркова, Дьокуускайдааҕы социальнай көмүскэл уонна үлэ салалтатын салайааччы: «Бүтэһик 12 ыйдарын квартплаталарын төлөөбүттэрин кэнниттэн ыйдааҕы орто кээмэй тахсар, онтон 30% дьиэ кэргэҥҥэ компенсация курдук барар».
Маны сэргэ оскуола оҕотун босхо аһатыы, оптуобуһунан босхо сылдьыы уонна орто үөрэх устудьуоннарыгар биир кэмнээх төлөбүр бу сылга баар буолла.