Халтыраантан сылтаан суолга-иискэ быһылааннар тахсаллар
Киин куоракка тимир көлөлөөххө да, сатыы да киһиэхэ уулуссаҕа тахсыы – туспа түбүк. Уһун ардахтаах күһүн эмискэччи кэлбит халыҥ хаардаах кыһынынан солбулунна. Күн-дьыл туруга биллэн турар, бастатан туран суолга охсор. Өрөбүл күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ 32 саахал таҕыста.
Күннэй Иванова, СӨ суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ сүрүн иниспиэктэрэ: «32 суол саахала таҕыста, 5 киһи эчэйии ылла. Саахаллар сүрүн төрүтэ халтыраан буолуон сөп».
Халтараан быыһык кэмҥэ үгүс сөҥүү түһэриттэн өссө сытыырхайар. Онуоха өрөспбүүбүлүкэ үгүс өттүгэр хаардаах күн дьыл турар. Кытай диэкиттэн кэлбит сис былыт халыҥ хаары аҕалла. Соҕуруу улуустарга сорох сиринэн хаар халыҥа 28 сантымыатырга тиийдэ.
Саргылаана Никитина, Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа күн-дьыл туругун сылыктыыр салаа салайааччыта: «Бүгүн Кытай циклона соҕуруу хаардыы турар. 15-16 чыыһылатыгар Красноярскай кыраайтан циклон кэлэн арҕаа уонна киин оройуоннарга хаардыаҕа. Тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 13-18 миэтирэҕэ дылы күүһүрүөҕэ. Салгын температурата түүнүн -8,-13, соҕуруулуу-арҕаа -3,-8.».
Күүстээх сөҥүү улахан мэһэйи Лена федеральнай трассаҕа оҥордо. Ол курдук субуота күнтэн манна олус хойуу хаардаах буолан сырыы тохтоон турар. Үгүс көлө хаайтаран турар сиригэр ыксаллаа быһыы-майгы министиэристибэтин анал бөлөҕө ириэриигэ анаан үлэлиир. уопсайа 6 киһи уонна биир ЗИЛ массыына. Хас биирдии киһиэхэ төлөпүөнүгэр бу хайысхаҕа айанныыртан туттуналларын сэрэтэн иһитиннэрии кэлэр. айылҕа оҥорбут мэһэйин туоратыыга туһааннаах биэдэмистибэлэр үлэлииллэр.
Күннэй Иванова,СӨ суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ сүрүн иниспиэктэрэ: «Онно ГАИ үлэһиттэрэ үлэлии сылдьаллар, суол бэдэрээччиттэрэ эмиэ үлэлии сылдьаллар. Инчэҕэй хаар уонна суолга сүрдээх халтыраан. Сыырдардаах, түһүүлээх-тахсыылаах. Үлэһиттэр дьоҥҥо көмөлөһө сылдьаллар».
Оттон норуот билгэтэ этэринэн билигин быыһык кэм, дьыл алтыһыыта саҕаланар. Бокуруоп күн хотуттан тыалырдаҕына - тымныы кыһыны күүт, оттон арҕааттан үрдэҕинэ хаардаах, ичигэс дьылга.
Онон сатыы да дьону суоппардары да суолга сэрэхтээх буолалларын ыҥыраллар. Маныаха суол быраабылатын тэҥэ, суол туруга, ол эбэтэр кэмигэр ыраастаныыта эмиэ улахан суолталаах.