Саха омук уратыта – тутуу архитектуратыгар
Нэһилиэнньэлээх пууннарга биир саамай улахан элбэх кыбартыыралаах дьиэ Хаҥалас улууһун Өктөм бөһүөлэгэр тутулла турар. 5 этээстээх саҥа дьиэҕэ аны эһиил 80 тахса ыал киирэн малааһынныаҕа. Тустаах эбийиэк аварийнай уонна хаарбах турктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан тутуллар. Билигин үлэ ортолоон эрэр, түннүктэри туруоран, сотору кэминэн дьиэ тас бараанын оҥорууга киириэхтэрэ.
Пётр Архипов, бэдэрээччит:"Ис өттүгэр штукатурка үлэтэ бара турар. Онтон кыһын ис бараанын оҥорууга киириэхтээхпит. Тас өттө кыраһыабай көстүүлээх буолуоҕа. Салгын оонньуур билиитэлэринэн бүрүйүөхпүт. Тыа сиригэр оннук оҥордохпутуна тупсаҕай көстүүлээх, кыраһыабай буолуо диэн эрэнэбит".
Кырдьык да, бырайыагынан бу дьиэ тыа сиригэр биир ураты уонна кэрэ көстүүлээх дьиэ буолуохтаах. Маныаха тас көстүүтүнэн эрэ буолбакка, ис өттүгэр эмиэ киһи олороругар бары усулуобуйа олохтонуоҕа. Оттон бу дьиэни эдэр архитектор Күннэй Дегтярева бырайыактаабыт. Эбийиэк ымпыгын-чымпыгын учуоттаан, бары нуормаҕа эппиэттиир уонна биллэн турар, дьон олороругар табыгастаах буоллун диэн таҥан оҥорбут.
Күннэй Дегтярёва, архитектор:"Бастатан туран, ирдэнэр нуормалары тутуһабыт. Ол кэннэ дьоҥҥо табыгастаах гына толкуйдаан оҥоробут".
Архитектордар дьон олорор усулуобуйатын эрэ буолбакка, сынньалаҥын тэрийиигэ эмиэ улахан болҕомто уураллар. Ол курдук, араас сынньанар сирдэри, пааркалары бырайыактыыллар. Номнуо үгүстэрэ олоххо киирэн, билигин дьон сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буолбута. Оттон билигин киин куоракка "Ытык сир" диэн паарка бырайыагын оҥорон сотору кэминэн тутуу үлэтэ саҕаланыахтаах.
Александр Марков, дизайнер:"Күн көрсөр сир, дьоруойдар аллеялара баар буолуо. Маны тэҥэ күөл кытыытынан дьон хаамар, күүлэйдиир кытылын оҥоруохпут".
Тустаах паарка бырайыага "Формирование комфортной городской среды" диэн федеральнай бырагыраамаҕа кыайан олоххо киириэҕэ. Даҕатан эттэххэ, "База 14" архитектурнай бюро элбэх бырайыага араас бырагыраамаларга кыттан үгүһэ олоххо киирбитэ. Онтон ордук баараҕай эбийиэктэртэн биирдэстэрэ "Үлэ кыбаартала" буолар. Итиэннэ билигин маастар-былаанынан ылсан үлэлииллэр.
Мария Скрябина, архитектурнай бюро салайааччыта:"Билигин Хаандыга киэнин оҥоро сылдьабыт. Онно олус үчүгэй толкудардаахпыт. Сороҕун бэйэбит, сороҕун олохтоохтор этэллэр".
Онон билигин тыа сиригэр кытта араас тупсаҕай көстүүлээх эбийиэктэр олоххо киирэллэр. Архитектордар сахабыт омугун уратытын, култууратын аныгылыы көрүүлээн эгэлгэ араас бырайыактары оҥорон, Сахабыт сирин сайдыытыгар бэйэ кылааттарын киллэрэллэр.