Бэс Күөлүгэр саҥа оскуола
Атамай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ быйылгы үөрэх дьылын саҥа оскуолаҕа көрүстүлэр. Үүнэр көлүөнэ сайдыытыгар, иитии-үөрэтии саҥа эйгэтин тэрийиигэ толору кыах биэрэр саҥа оскуола олоххо киирбититтэн Бэс Күөл олохтоохторо, учууталлар, ордук оҕолор, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Саҥа үөрэх уһуйаана икки мэндиэммэннээх, 150 миэстэлээх. Урукку оскуолаларыгар маннык анал кылаастара уонна компьютердара суоҕун, оттон билигин барыта баарын, онон уруоктара хаһан буоларын эрэ күүтэллэрин оҕолор үллэстэллэр.
Киэҥ-куоҥ үөрэнэр кылаастары сэргэ анал лаборатория, мастарыскыай, спордунан дьарыктанар, үнкүүлүүр саалалар, библиотека тупсаҕайдык оҥоһуллубуттар. Оскуола тиэргэнигэр спорт былаһаакката уонна футболлуур хонуу тутуллубут.
Бэс Күөл оскуолата агро хайысхалаах үөрэх кыһата буолар. Саха сирин биэс бастыҥ агро-оскуолатын иһигэр киирэр. Агро хайысханы саҥа таһымҥа таһаарар инниттэн научнай чинчийэр киин үлэлиир.
Матрена Ефремова, В.Д. Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын дириэктэрэ: "Оскуолабыт 2006 сылтан агро хайысханы тутан үлэлиир. Сылгы, сүөһү тутар хаһаайыстыбалаахпыт. Ону сэргэ бу сайыҥҥыттан түргэнник ситэр көтөрү көрүү-истии сатабылын оҕолорго тириэрдэбит".
Айылгылаана Ефремова дьүөгэтин кытта эрдэ ситэр дьиэ көтөрүн иитэллэр уонна онтон бородууксуйа оҥорон таһаараллар.
Айылгылаана Ефремова, В.Д. Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ: "Ыам ыйыгар инкубаторга уган саҕалаабыппыт. Бэс ыйын саҥатыгар тахсан саҕалаабыттара. Ол кэннэ сайын устата көрөн-истэн улаатыннартаабыппыт. Итиэннэ номнуо бу билигин ыыһаммыт бородууксуйаны аҕалан турабыт".
Оҕо билиҥҥи кэмҥэ киэҥ билиилээх, бары өттүнэн сайдыылаах буоларын ситиһэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийиини, киэҥ билиилээх ыччат дьону иитэн таһаарарга өрөспүүбүлүкэ салалтата инники күөҥҥэ тутар.
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана: "600 мөл. солк. тахса барда, онтон аҥаара аҥаара федеральнай үп. Бэрт кылгас кэм иһигэр, былырыын бэс ыйыгар саҕаламмыт тутуу түмүктэннэ. Агро-оскуолалартан биир бастыҥ оскуола, наар биэс иһигэр киирэр. Билигин маннык үчүгэй оскуолаҕа өссө үрдүк ситиһиилээх буолуохтара диэн эрэллээхпит. Тоҕо диэтэр оҕолор сүрдээх дьоҕурдаахтар. Дойдубут президеныттан өйөбүл ылбыт оскуола, мин саанабар, кэнники сылларга даҕаны Горнай улууһугар эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ оскуола буолуо диэн эрэнэбит".
Сылын аайы өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа оскуолалар, оҕо уһуйаанын эбийиэктэрэ тутуллан улэҕэ киирэ тураллар. Быйыл сыл бүтүүтэ өссө 16 үөрэх кыһата үлэҕэ киирээри былааннанар. Онон кэлэр кэнчээри ыччат саҥа хардыылара, бииртэн биир үрдэллэрэ сайдыы суолун тутуоҕа.