Бастыҥ кыһа
Кыргыттар кэтилиэти дьаарыстыыллар, оттон уолаттар тиэхиньикэни бэрийэллэр. Үөрэх кыһатын дьоҕус сыаҕыгар устудьуоннар олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннараллар. Манна кэтилиэт, фрикаделька, пельмень арааһа, ыыһаммыт эт оҥоһуллан тахсар. Ааспыт сылга техникум "Профессионалитет" федеральнай куонкурска кыттан бүтүн сүүс мөлүйүөн сууммалаах граны сүүйбүтэ. Ол үбүнэн уонна өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн бөдөҥ бырайыак олоххо киирэн үлэлиир.
Наталья Филиппова, Тыа хаһаайыстыбатын техникумун преподавателэ: “Убаһа этиттэн ас бастыҥын оҥорбуппут, быйыл халбаһы оҥороору гынабыт. Уопсайынан оҥорон таһаарыыбыт кээмэйин элбэтихпит. Билигин халбаһы ырысыабын тала сылдьабыт, ыыһаммыт халбаһыттан саҕалыахпыт”.
Техникум күн бүгүн 13 хайысхаҕа исписэлиистэри бэлэмниир. Тыһыынчаттан тахса устудьуон тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһулаан үөрэнэр. Иккис сылын "Профессионалитет" диэн бырагыраамаҕа киирэн үөрэхтээһин ыытыллар. Онон хас биирдии идэҕэ туһааннаах кылаастар арылланнар, практика чааһа элбээбит. Тыа хаһаайыстыбатыгар механизацияны күүскэ киллэрии соруга турар кэмигэр механиктары бэлэмнээһин тоҕоостоох.
Евгений Севастьянов, Тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуона: “Мин тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин өрөмүөнэ диэн идэҕэ үөрэнэбин. Быйыл 3 куурус буоллум. Үөрэхпин сөбүлүүбүн. Араас хаһаайыстыбаларга практика барабыт. Холобур, СХПК “Хачыкаакка” сылдьыбыппыт”.
Бэтэринээр ордук наадыйыллар идэлэртэн биирдэстэрэ. Онон бу хайысхаҕа улахан куонкуруһу ааһан киирбит оҕолор үөрэнэллэр. Олус эппиэтинэстээх, киэҥ билиини эрэйэр идэ буолан практикаҕа үгүс болҕомто ууруллар. Эмиэ саҥа бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллубут кабинекка эпэрээссийэ оҥорорго холоноллор, илиилэрин үөрэтэллэр. Үйэттэн ордук тыа хаһаайыстыбатын салаатын исписэлиистэрин бэлэмнээн кэлбит техникум салгыы сайдыы тосхолун тутуһар. Ол курдук оробуочай идэлэр таһымнарын үрдэтиигэ үлэлэһэр.
Светлана Томская, Тыа хаһаайыстыбатын техникумун үөрэх чааһыгар сэбиэдиссэйэ: “Быйылгы үөрэх дьылыгар күнүскү үөрэххэ 255 оҕону ыллыбыт. Төҥүлүтээҕи филиалбытыгар 45 оҕону ылыахтаахпыт. Былырыын куонкуруска кыттан “Цифровая образовательная среда” диэҥҥэ кабинет сүүйбүппүт. Онтубутугар оборуудабанньатын барытын ылан туруорабыт”.
Онон сотору кэминэн техникум устудьуоннара өссө биир саҥа кабинеттаныахтара. Инникигэ хардыы аҕа көлүөнэни кытта ыкса ситимтэн быһаччы тутулуктаах. Орто үөрэхтээһин күнүгэр бэтэрээн уһуйааччылары кытары устудьуоннар көрсүһүүлэрэ техникум үтүө үгэһэ.
Елизавета Кириллина, Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бэтэрээнэ: “Урут хайдах этэй, билигин хайдаҕый? Олох атын хартыына. Оҕолорбут да олох уларыйдылар. Бары сыаллаахтар-соруктаахтар. Барытын үчүчгэйдик ылынан иһэллэр эдэр ыччаттарбыт, кэтэхтэн үөрэнээччилэр эмиэ. Уонна дьиэбит-уоппут да уларыйда”.
Онтон үөрэҕи бүтэрбит оҕолор аҥаардара идэлэринэн тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлииллэр, онтон аҥаардара үөрэхтэрин үрдэттэллэр. Онон чиҥ билии кыайыылаах - хотуулаах үлэҕэ сүрүн хардыы.